Күндү ааҕааччым!
Бу соһо сылдьар күннээҕи санааларым торумнара сымыйата кырдьыга биллибэт мээнэ үһү-тамах, куолу-дойҕох, мантааһыйа буолуохтарын сөп, уонна аны салгыы соһуллан, сааһырдаҕым, ону-маны өйдүүр буолан истэҕим аайы сороҕо ситэн-хотон, сороҕо сотуллан, хаста-хаста уларыйаллара биллибэт. Ону даҕаны оччолорго киһи: «Бу сөп…, ити сөп…», — диэ эмиэ биллибэт. Ол гынан, балары салгыы сайыннаран дуу, атыҥҥа аттаран дуу, эбэтэр мөккүһэн, утаран дуу, саҥа санаа үөскээн туохха эмэ кынаттаан туһалаатаҕына — ол үтүө, ол туһа буоллаҕа. Онтон ордук туох баар буолуой! Тоҕо диэтэргин, санаа бары кыаҕын-күүһүн, алыбын-хомуһунун олох баарын тухары хайа да үп-харчы, тиэхиньикэ-технология сиппэтэ буолуо арааһа…
Аны, Айылҕа бары өйүн-санаатын, мындырын-муудараһын киһи олоххо сөп түбэһиннэрэн, маарыннатан, аттаран туохха баҕарар туһаныан, туттуон сөп курдук. Туһанарын-туттарын ааһан, сөп түбэһиэхтээҕэ да буолуо, хайа эмэ кыаҕынан өйдүү-билэ үөрэнэ сатыыр киһи…
edersaas.ru, Куоста БАҺЫЛАЙАП.
Киирии
Төһөнөн уһуннук үрэхпэр сылдьабын да, соччонон Айылҕабын, Дойдубун, Сахабын сөҕөрүм-бэккиһиирим элбээн, араас ыйытыы санааларым улам хойдон, дириҥээн иһэллэр. Санаабар, ол ону кырачаан да хомурдуостар кимнээҕэр бэркэ диэн өйдүүр, билэр курдуктар. Онно холоотоххо мин, киһи бэйэлээҕэ, тугу да билбэт, дэлби буккуллубут, хомурдуостааҕар да кыра, быыкаайык букашка курдукпун…
Дьиҥэр, билиҥҥи үйэҕэ бары билии үөрэтиллибиккэ, суруллубукка дылы уонна онтон үксэ араас кинигэ, интэриниэт эйгэтигэр тоҕоостоох курдук. Ол гынан, онтон булан, аттаран, ырытан, дьиҥин өйдүү сатыыр эмиэ да уустуктардаах, сырыы аайы билиим, өйүм-санаам чычырбаһа туорайдаһан, мэһэйдэһэн иһэргэ дылы. Тиһэҕэр тиийэн барыта — «оннук курдук дуу, хайдах баҕайы дуу?…» диэбит курдук буолан иһэр…
Оо, Айылҕа барахсан билиитэ киэҥэ-дириҥэ, мындыра-муударайа, киһи өйүнэн кыайан көрбөт да, сиппэт да муҥура суох ырааҕа! Ол онтон киһи олоҕун тухары бооччойон, муҥ саатар кыра да кыырпаҕы кыайан көрөрө дуу, суоҕа дуу…
Ол да буоллар, аҕам этэринии, киһи санааны-толкуйу эргитэн аҕала-аҕала төһө баҕарар уһуннук, сылы-сылынан соһо сылдьан өйдүү, дьиҥ иһин иһигэр киллэрэ сатыахтааҕа буолуо. Киһи төбөтүгэр «мас киириэхтээх» быһыылаах…
Ийэ сир
Николай Николаевич Тихонов «хайа баҕарар кыыһы таптыыбын диэн албынныаххын сөп, оттон сиргин-дойдугун таптыыбын диэн албынныаҥ суоҕа» диэбитэ испэр иһирдьэ киирэн олорон хаалбыт…
Лев Гумилев этэринэн, Ийэ дойду диэн – киһи төрөөбүт сирэ, Аҕа дойду диэн – үгэһин иҥэриммит сирэ. Ол гынан санаабар, бу тыллар сахаҕа нууччаттан киирбит курдуктар. Биһиэхэ Ийэ сир, Дойду диэннэр ордук барсар курдуктар. Биһи бары айылҕа оҕолоро буоллахпыт. Дьиҥэр, төрөөбүт-үөскээбит айылҕаҕын кытары ситим-тутулук син биир баар буоллаҕа, ол хайдах даҕаны быстан хаалбат быһыылаах. Ол ситим-тутулук киһиэхэ барытыгар «дойдулаахпын» диэн этигэр-хааныгар иҥэн, ис санаа буола сылдьар, хайдах даҕаны сүтэн хаалбат. Бу ис санаа ийэҕэ таптал кэриэтэ быһыылаах, киһи кыайан быһаарбат модун күүстээх. «Ийэ сир» диэн баҕар ол иһин этиллэрэ буолуо…
Сирдээх-Дойдулаах диэн — үчүгэйин даҕаны! Дойдулаахпын диэн — хайдахтаах курдук киэҥ, дириҥ, модун санааный!
Дойду
Бу кыһын биир сылгыһыт уоллуун үрэхпититтэн тыраахтарынан от тиэйэ сылдьан андаатар чычаас хайырбыт ууга уйа туттубутун көрөн, киһибиттэн ыйытабын: “Андаатар уута саас хайырарын тоҕо билбэккэ чычаас ууга уйа туттарый? Дьэ уонна сааһыары, атын сиргэ көһөн кэбилэнэр, тиийэн сир, уйа былдьаһан охсуһуу бөҕө буолаллар. Киһим: «Американец, билбэт буоллаҕа», — диир…
Кырдьык даҕаны, андаатараны 1929 сылтан Арассыыйаҕа Канадаттан аҕалан олохсутууну саҕалаабыттара. Бу 80-тан тахса сыл тухары андаатар Саха сирин айылҕатын, эйгэтин өссө да өйдүү, иһигэр киллэрэ, «чувствуйдуу» илик. Оттон тоҕо эрэ маннааҕы олохтоох кыыллар, балыктар бары билэллэр. Холобур: күтэр күһүн уйатын, саас төһө уу кэлэринэн көрөн хастар; сордоҥ, тэҥили уо.д.а. балыктар саас үрэххэ тахсан ыылларыгар, күһүн төһө уу кэлэрин билэллэр; ыҥырыалар күһүн уйаларын кыһына төһө тымныы буоларын көрөн хайыналлар; киис кыстыга, сааһа ыарахан буоларын билэн оҕотун кыһын эрдэ быраҕар (выкидыштыыр), оннук дьылга тоҕо эрэ сылгы эмиэ кулуннуур. Бэл саха сирин мастара кыһын дөйө тоҥумаары, күһүн ууларын сиргэ ыган кэбиһэллэр. Биһиги, дьоннор, «мас акаары» диэн тыллаахпыт, мастар араас «өйдөрүгэр-технологияларыгар» өссө да тиийбэккэ сылдьан. Маннык холобурдары анаан чинчийэр киһи, айылҕаҕа элбэх буолуо. Айылҕа барахсаҥҥа туох барыта биир эйгэлээх өйдөөх-санаалаах, толкуйдаах курдук, баҕар сороҕор кыра-улахан, сороҕор атын-ураты да курдук буоллун. Киһи эмиэ төрөөбүт-үөскээбит айылҕатын-эйгэтин кытта эт-хаан, химия, удьуордааһын, өй-санаа, экэниэмикэ, олох-дьаһах өттүнэн ситимнээҕин-тутулуктааҕын, сороҕо буоларын билиниэхтээҕэ буолуо. Бу бары ситимэ-тутула киһиэхэ барытыгар иһигэр, нууччалыы эттэххэ, «чувство Родины» — Дойдулаахпын диэн ис санаа буолан сылдьар. Бу эккэр-хааҥҥар, искэр-таскар баары хайдах даҕаны суох оҥорбоккун. Арай, араас сымыйа идеаллары, идеологиялары киллэрэн, дьон «муҥурданыытын» түмүгэр, хам эрэ баттаныллара буолуо…
Евгений Примаков үтүө тыллара бааллар: «Просто добросовестно трудиться на своем рабочем месте? Да, это необходимо. Но не менее необходимо знать во имя чего трудиться. Такого, к сожалению, не происходит. Переход к чисто денежной мотивации труда не должен вытравлять из нашей жизни идею». Ол гынан, санаабар бу даҕаны ситэтэ суох курдук. Билиҥҥи Арассыыйа кириисиһэ–«духуобунай» кириисис. Бу төрүөтэ биһиэхэ, орто саастаах дьоҥҥо, Айылҕаны кытары эйэ-дэмнээх ситим-тутулук ыһыллыытыгар, үгэс кэһиллиитигэр. Ол түмүгэр сыаннастар-өйдөбүллэр уларыйан, киһи олоҕор «идиэйэ» бастакынан (первостепеннай), «Дойду» ол эрэ кэннэ (второстепеннай) буолаары гыммыт курдук. Аҕа саастаахтарбыт өй-санаа өттүнэн биһи көлүөнэттэн ордуктар. Тоҕо диэтэргин, кинилэр төһө да сэбиэскэй былаас буоллар, саха үгэһинэн, айылҕаларыгар-эйгэлэригэр улааппыт-иитиллибит дьоннор…
Арай, итэҕэлгэ сурулларын курдук, киһи барыта олоҕун, үлэтин, өйүн-санаатын аччаабыта уон бырыһыанын Дойдутугар аныыр буоллун…
Кырдьыга да, бэйэтин сирин-дойдутун, омугун-норуотун сыаналыыр эрэ киһи, атын омугу, атын сири, айылҕаны убаастыыр, өйдүүр буолара буолуо…
Куоста БАҺЫЛАЙАП.
Уус Алдан улууһа,
Бээрийэ нэһилиэгэ.