Бу туһунан Владимир Путин Анал этиитигэр иһитиннэрдэ. Кини бэлиэтииринэн, тупсаран оҥоруу бырагырааматынан кэлбит харчыны тыырыыга олохтоохтор күүскэ ылсыахтаахтар.
«Үбү-харчыны бастакы уочарат ханна ыытары олохтоохтор бэйэлэрэ быһаардыннар. Манна Норуот фрона көхтөөх кыттыыны ыларыгар көрдөһөбүн. Аҥардас хонтуруолу эрэ ыыппакка, бу хонтуруол нөҥүө көдьүүстээх үлэни ситиһиэххит, бырайыактарга дьон кыттарын көҕүлүөххүт диэн эрэнэбин», — диэн бэлиэтиир Владимир Владимирович.
Бу боппуруоһу түмүктүүрүгэр дьон-сэргэ ордук тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа, сэдэх кыыл-сүөлү, оту-маһы чөл хаалларарга, көрүүтэ-харайыыта суох сылдьар кыылларга болҕомто ууралларыгар эттэ.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1