Регионнааҕы оператор бөҕү тиэйбит күнүттэн төлөбүр ааҕыллар

15.01.2019
Бөлөххө киир:

Социальнай ситимнэргэ ТКО, сахалыы ККТ (кытаанах коммунальнай тобох) туһунан сымыйа иһитиннэрии тарҕанна. Аатын кистэнэр ааптар “ККТ иһин өҥө ыараханынан, регионнааҕы операторы кытта хардарыта сыһыантан, чуолаан, дуогабарга илии баттаһартан туттунарга уонна бөҕү тиэйии өҥөтүн төлүүртэн аккаастанарга” ыҥырар.

edersaas.ru

СӨ Дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбатын уонна энергетикатын министиэристибэтэ дьон бигэргэммэтэх дааннайдарга олоҕурбут, өйү-санааны буккуйар ис хоһоонноох иһитиннэриигэ итэҕэйбэттэригэр сүбэлиир. Эрдэ бөҕү тиэйии иһин төлөбүр олорор дьиэ өҥөтүн иһигэр киирэрэ. Онтон 2019 сыл саҕаланыаҕыттан бу өҥө коммунальнай буолла уонна “ККТ-у харайыы” (“Обращение с ТКО”) диэн ааттанар.

Регионнааҕы операторы кытта дуогабар түһэрсии – элбэх кыбартыыралаах эбэтэр кэтэх дьиэҕэ олорор бас билээччилэр, ону тэҥэ тэрилтэлэр эбээһинэстэрэ. Дуогабарга булгуччу суругунан илии баттыыр ирдэммэт. Бу федеральнай сокуонунан көрүллэр. Регоператор үлэтин саҕалаата даҕаны, кини өҥөтүнэн туһанар бас билээччилэр дуогабар түһэрсибиттэринэн ааҕыллаллар. Ол эбэтэр регионнааҕы оператор ККТ-у тиэйбит күнүттэн өҥө төлөбүрэ ааҕыллан барар. Оттон эрдэ олохтоох тэрилтэлэри кытта түһэрсиллибит дуогабар регоператордыын дуогабардаспыт кэмтэн ыла тохтуур.

“ККТ-у харайыы” коммунальнай өҥөтө төһө буолара регионнааҕы оператор тарыыбыттан уонна биир киһиэхэ тиксэр ККТ нормативыттан тутулуктаах. Саха сиригэр тарыып бигэргэнэн турар. Регоператор хааччыйар зонатыттан көрөн, биир киһиттэн ыйга 104 солкуобай 68 харчыттан 138 солкуобай 88 харчыга диэри халбаҥныыр.

Ааспыт сыллартан уратыта диэн, нэһилиэнньэ урут бөҕү тиэйии иһин эрэ төлүүр эбит буоллаҕына (ол үксүгэр көҥүлэ суох сыбаалкаларга эбэтэр таһынан туолбут полигоннарга сүөккэнэрэ), саҥа тарыыпка массыына тиэйэр ороскуота эрэ буолбакка, бөҕү наардаан араарыы, тулалыыр эйгэҕэ куттала суох оҥоруу, көмүү уонна уматыы барыта киирэллэр. Айылҕа харыстабылын сокуонун ирдэбиллэригэр сөп түбэһэр инфраструктураны тутуу ороскуота манна эмиэ ааҕыллан сылдьар.

Өскөтүн регоператор өҥөтүн мөлтөхтүк уонна көтүмэхтик оҥорор буоллаҕына, бас билээччи төлөбүрү хос аахтарар бырааптаах. ККТ-у харайыы реформатыгар мунаахсыйар боппуруостаах эбэтэр кыһалҕаламмыт буоллаххытына, ДьУоКХ уонна энергетика министиэристибэтин суһал линиятыгар – (4112) 506-865 төлөпүөҥҥэ үлэ күннэригэр 9.00 — 18.00 чааска эрийиҥ.

Василий НИКИФОРОВ, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0