Рефинансирование ипотека төлөбүрүн намтатар сыаллаах

29.11.2017
Бөлөххө киир:

Россельхозбаан нэһилиэнньэҕэ утары баран, «Рефинансирование ипотечного кредита» диэн саҥа бырагырааманы үлэлэтэн эрэр. Бырыһыан ыстаапката 9,3%*-тан саҕаланар. Атын бааннарга ипотечнай кирэдьииттээхтэр эмиэ бу бырагырааманан туһанар кыахтаннылар.

edersaas.ru

Ипотека эбии төлөбүрүн хайдах кыччатабыт?

 Билиҥҥи үйэҕэ кирэдьиитинэн туһаммат киһи диэн арааһа суоҕа буолуо. Сыаналаах мал-сал, кыбартыыра атыылаһаары, баан өҥөтүнэн туһанабыт. Баан иэс харчы биэрбэтэ буоллар, олох даҕаны үгүс киһи дьиэтин-уотун боппуруоһун кыайан быһаарыа суох этэ. Билигин сорох бааннар бырыһыан ыстаапкатын арыый да намтатан эрэллэр. Соторутааҕыта Россельхозбаан ипотеканан туһанааччыларга «Рефинансирование» диэн бырагырааманы олоххо киллэрбитин туһунан истэн, бу күннэргэ туһааннаах бааҥҥа бара сырыттым. Баан Саха сиринээҕи салаатын дириэктэрэ Василий Тимофеевтыын көрсөн кэпсэппиппэр:

Потребительскай кирэдьииккэ итинник бырагырааманан былырыыҥҥыттан үлэлиибит. Аны билигин «Рефинансирование» бырагыраама ипотекаҕа киирдэ. Онон Саха сирин олохтоохторо бырыһыан ыстаапкатын уонна ыйдааҕы төлөбүр сууматын намтатар сыалтан, Россельхозбааҥҥа кыра бырыһыаннаах кирэдьиит оҥорторон, урукку иэстэрин сабар кыахтаннылар. Атын баан килийиэнэ да буоллаҕына, «Рефинансирование» бырагырааматынан туһаныан сөп. Бырыһыан ыстаапката 9,3%* саҕаланар. Муҥутаан үрдээбитэ 9,6%* тэҥнэһэр. Ол суумаҕыттан, төһө болдьоххо ыларгыттан тутулуктаах. Өскөтүн биһиги бааммыт нөҥүө хамнас ылар буоллаххытына, ордук быраабынан туһаныаххытын сѳп. Иккиһинэн, хайдах ньыманан төлүүргэ талар кыах бэриллэр. Бары билэрбитинэн, кирэдьиит төлөбүрүгэр икки хайысха баар: дифференцированнай уонна аннуитетнай. Дифференцированнайга ый аайы төлөнүөхтээх суума кыччаан иһэр. Оттон аннуитетнайга ый аайы ыйыллыбыт сууманы төлүүгүн. Килийиэн дифференцированнай төлөбүрү үрдүк дии саныыра. Ол эрээри оннук буолбатах. Ый ахсын намтаан иһэр буолан, ипотека ордук төлөбүрэ (переплата) төһө эмит намтыыр. Сиһилии иһитиннэриини баан офистарыттан ыйыталаһыҥ. Манна өссө биири этиэм этэ, рефинансирование бырагырааматынан туһанан ипотека болдьоҕун кыччатыахха сөп. Рефинансированиенан 21саастарыттан 65 саастарыгар диэри саастаах дьон туһаналлар. Кирэдьиити ылар киһи 65 сааһын туолуон иннинэ иэс ылбыт харчытын бааҥҥа төнүннэриэхтээх. Биир сылтан итэҕэһэ суох үлэлээбит (үлэлиир сылдьар тэрилтэтигэр алта ыйтан итэҕэһэ суох үлэлээбит), РФ гражданина, кирэдьиит тэрилтэлэригэр иэһэ суох буолуохтаах. Баан хамсаабат баайы-дуолу солуок быһыытынан ылар, ону таһынан, мэктиэлээччи (поручитель) баар буолуон сөп. Бу бырагырааманан туһаныан баҕалаахтар баан аатыгар сайабылыанньа суруйуохтаахтар уонна 2НДФЛ пуорманан ыспыраапканы, үлэ киниискэтин, пааспар куоппуйатын, кэргэнниилэртэн «Кэргэннии буолуу» сибидиэтэлистибэтин, ипотека докумуоннарын аҕалыахтаахтар, – диэтэ.

Дифференцированнай төлөбүр аннуитетнайдааҕар барыстаах. Россельхозбаан килийиэҥҥэ утары баран, төлөбүр ньыматын талларар.

Биэнсийэлээхтэргэ чэпчэтиилээх кирэдьиит

Россельхозбаан ипотекаҕа, потребительскай кирэдьииттээһиҥҥэ үлэлэһэрин таһынан, саастаах дьоҥҥо ураты болҕомтотун ууран, биэнсийэлээхтэргэ анал бырагыраамалаах. Потребительскай кирэдьииттээһиҥҥэ бырыһыан ыстаапката сылга 11,5%*-тан саҕаланар. Манна биир сүрүн усулуобуйанан кирэдьиити ылар киһи 75 сааһын туолуон иннинэ иэс ылбыт харчытын бааҥҥа төнүннэриэхтээх. Туһааннаах баан нөҥүө биэнсийэ ылар буоллахтарына, ордук быраабынан туһаныахтарын сѳп. Потребительскай кирэдьиити саастаах дьон араас сыалга ылар. Холобур, массыына атыылаһалларыгар, өрөмүөҥҥэ, эмтэнэ баралларыгар. Дьиҥэр, бу бырагыраама уруккуттан баар. Ол эрээри бырыһыан ыстаапката билигин биллэ түстэ. Биэнсийэлээхтэргэ кирэдьиит сэттэ сылга диэри болдьохтоон бэриллиэн сөп. Муҥутуур улахан суума – 500 тыһ. солк. Иэс ылар киһи дохуотуттан тутулуктаах. Баан хамыыһыйа быһыытынан эбии харчы ылбат. Ирдэниллэр докумуоннар: пааспар, биэнсийэ ыспыраапката.

Холобур, биэнсийэлээх 300 тыһ. солк. 5 сыл болдьохтоон ыллаҕына, бырыһыан ыстаапката 13%* буолар. Ый ахсын 6825 солк. төлүүр.

Харчы уурдарааччыларга бырыһыан ыстаапката үрдүк

Россельхозбаан харчыны иэс эрэ биэриинэн муҥурдаммат. Харчыны бааҥҥа уурдаран, эбии дохуот аахсыахха эмиэ сөп. Баан салайааччыта Василий Тимофеев этэринэн, билигин үгүс дьон «Доходнай» диэн уурдарыынан хото туһанар. Россельхозбаан 100% судаарыстыбаҕа бас бэринэр. Онон, эрэллээх баан. Биһиги килийиэннэрбит «Доходнай» диэн бырагырааманы олус табыгастааҕынан уонна барыстааҕынан ааҕаллар. Манна бырыһыан ыстаапката 7,3%** диэри ааҕыллар. Харчыны биир да ыйга болдьохтоон уурдарыахха сөп. 50 тыһ. солк. элбэх харчыны уурдарааччыларга баан «Амурский тигр – карта к вкладу» диэн тарыыбынан анал каарта оҥорор. (**Бырыһыан ыстаапката уурдарыыга болдьоҕуттан тутулуктаах. Өскөтүн уурдарыыгытын эрдэ ыллаххытына, «До востребования» уурдарыы ыстаапкатынан барар — 0,01%).

Россельхозбаан Бүлүүгэ, Намҥа, Уус Алдаҥҥа, Хаҥаласка, Тааттаҕа, Ньурбаҕа, Мэҥэ Хаҥаласка, Чурапчыга, Өлүөхүмэҕэ, Томпоҕо, Үөһээ Бүлүүгэ, Аммаҕа, Ленскэйгэ, Горнайга эбии офистаах уонна 74 банкоматы, 18 терминалы үлэлэтэр.

«Россельхозбаан» АУо  РФ Киин Бааныттан 3349 №дээх Генеральнай лиссиэнсийэлээх (болдьоҕо суох). Реклама.

Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1