Референдумнары өйүүбүт

23.09.2022
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куоракка Хомсомуол болуоссатыгар Донецкай, Луганскай норуодунай өрөспүүбүлүкэлэр, Херсон уонна Запорожье уобаластара РФ састаабыгар киирэллэрин туһунан референдуму өйүүр миитин буолла.

edersaas.ru

Миитиҥҥэ: «Бүгүҥҥүттэн бу эрэгийиэннэр референдумнары ыыталлар. Кинилэр Арассыыйаҕа холбоһорго бэлэмнэрин биллиэриэхтээхтэр. Биһиги онон биир сомоҕо буолуохтаахпыт», -– диэн ыҥырыылар этилиннилэр.

Хомсомуол болуоссатыгар уопсастыбаннай тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ, куорат сүүһүнэн ахсааннаах олохтооҕо, норуот ансаамбыллара уонна саха эстрадатын артыыстара кытыннылар.
Бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ, Саха сиригэр ОНФ отделениетын салайааччыта Валерий Лютай өрөспүүбүлүкэлэр уонна уобаластар быраттыы норуоттара Арассыыйаҕа холбоһор туһугар куоластыахтарыгар эрэнэрин биллэрдэ.
«Саха сирэ ас-үөл бородууктатынан көмөлөстө, материальнай көмөлөөх туоннанан таһаҕас ыытыллыбыта. Уопсай Арассыыйа норуодунай фрона «Барыта Кыайыы туһугар» бырайыак чэрчитинэн харчынан үбү хомуйар. Киирбит үбүнэн дьоҥҥо наадалаах барыта атыылаһыллар. Бу өрөспүүбүлүкэлэр норуоттара Арассыыйа састаабыгар киирэргэ куоластыахтарыгар эрэнэбин. Кинилэр Арассыыйа соҕотох хаалларбатыгар бүтэһигэр диэри эрэммиттэрэ. Биһиги дойдубут бэйэтин дьонун бырахпат. Мин Владимир Путин курдук лиидэрдээхпитинэн киэн туттабын. Биһиги улуу дойдубут састаабыгар ДНР, ЛНР, Херсон уонна Запорожье уобаластарын дьоруойдуу норуотун үөрэ көрсөбүт», -– диэтэ Валерий Лютай.
Санатан эттэххэ, балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр Донецкай уонна Луганскай норуодунай өрөспүүбүлүкэлэргэ, Запорожье уонна Херсон уобаластарга Арассыыйа Федерациятын састаабыгар киирэр туһунан боппуруоска референдумнар ыытыллыахтара.

 «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0