Сайдыы институттарын нөҥүө урбааны, IT тэрилтэлэрин өйүөхтэрэ
Саха сирин салалтата экономикабыт туруктаах буолуутун хааччыйар инниттэн сайдыы институттарын нөҥүө олохтоох урбааны өйүөҕэ.
«Арҕааҥы дойдулар санкцияларыттан сылтаан Киин баан ключевой ставканы 20 % бигэргэппитэ. Ол иһин бааннар биэрэр кирэдииттэрин бырыһыана лаппа улаатта. Ити барыта атыынан-эргиэнинэн, тутуунан дьарыктанар оччугуй биисинэскэ эрэ буолбакка, IT-хампаанньаларбытыгар, социальнай өҥө урбааныгар охсор», — диэтэ Айсен Николаев мунньах кэмигэр.
Мунньахха кэккэ суһал миэрэлэри дьүүллэстилэр. Ол курдук «Алмаасэргиэнбаан» устаабын хапытаалын 2 млрд. солк. улаатыннарыахтара. Оччотугар баан 12 млрд. солк. итэҕэһэ суох чэпчэтиилээх кирэдииттэри олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар тэрилтэлэргэ утары уунуохтаах.
IT тэрилтэлэрэ үлэ миэстэтин оннунан хаалларалларыгар «Якутия» венчурнай хампаанньа нөҥүө 300 мөл. солк. биэриэхтэрэ.
Арассыыйа Минпромторгын кытта бииргэ СӨ Урбаан сайдыытын пуондатын иһинэн Бырамыысалыннас сайдыытын пуондата тэриллиэҕэ. Тастан киирэр табаары солбуйар (импортозамещение) производстволар бырайыактарын бу пуонда нөҥүө үбүлүөхтэрэ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын Пресс-сулууспата