Реалити-шоу: «ферма кыргыттарыттан» ким кыайбыта «биллэ илик»
Таатта улууһун Чөркөөх нэһилиэгэр Тохтобулга, Былатыан Ойуунускай оҕо сааһа ааспыт сайылыгар, “Саха” НКИХ Тааттатааҕы филиала “Ферма кыргыттара” бырайыагын нэдиэлэ устата үлэлээн, олоххо киллэрдэ.
Олохтоох телестудия айар үлэһитэ Парасковья Татаринова идиэйэтинэн айыллан-чочуллан тахсыбыт бэрт сонун бырайыакка Хаҥалас, Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы улуустарыттан уонна, биллэн турар, Тааттаттан биирдии кыыс, ол эбэтэр “биэс бэһиэлэй кыыс” кытынна. Кыргыттар бары кыраһаабыссалар, 22-тэн 35-гэр диэри саастаахтар, сорохтор үстүү оҕолоох ыал ийэлэрэ, эдэрдэрэ – сулумахтар. Идэлэринэн эмиэ тус-туспалар: учуутал, бухгалтер, дизайнер… Ынах хайа өттүттэн ыанарын билбэт “ферма кыргыттара” эмиэ бааллар эбит.Кинилэр охсуллубут оту мунньууга уонна бугуллааһыҥҥа, сиэлтэн ынах быатын хатыыга, собону астааһыҥҥа, сир аһын хомуйууга, илиинэн ынах ыаһыҥҥа, ынах ыыр аппарааты ыһарга-хомуйарга уонна “ТОК” өй-билии оонньуутугар нэдиэлэ устата күрэхтэстилэр. Сэттэ түһүмэх түмүгүнэн ким кыайбытын билээри Таатта улууһунааҕы телестудия дириэктэрэ Вера Матвееваттан ыйыппыппар: “Бырайыакпыт эфиргэ балаҕан ыйын бүтүүтүгэр тахсыаҕа. Барыта 10-тан тахса биэрии буолуоҕа. Ким бастаабыта биллибитэ гынан баран, кыайыылаах аатын биэрии бүтүүтүгэр биирдэ биллэриэхпит”, — диэн хоруйдаата.
Вера Никитична ол оннугар бырайыак олоххо киирэрин өйөөбүт дьоҥҥо, тэрилтэлэргэ барҕа махтал тылларын анаан туран, ааттыырбар көрдөстө: “Таатта” астыыр-үөллүүр кэпэрэтиип (Д.А.Алексеев), “Эконом” маркет (ИП “Данилова”) аһынан-үөлүнэн, “Таатта-Аква” (А.Д.Рахлеев) иһэр уунан, ИП “В.В.Никифорова”, “Тааттаавтодор” ХЭУо (И.И.Бочонин), Таатта нэһилиэгэ (Е.И.Павлов), “Таатта-Такси” (Б.Б.Платонов) харчынан, “Бигэ” хампаанньа (А.И.Неустроев) кыраасканан, Чөркөөхтөөҕү музей-комплекс (Н.Е.Попов) утуйар оронунан, атрибуттарынан көмөлөстүлэр. Сүрүн бириистэри “Саха” НКИХ, “Кэскил” ХЭУо (Чөркөөх), улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета, олохтоох Октябрьскай нэһилиэк дьаһалтата туруордулар. Киинэни устууга хампаанньа сүрүн оператора Александр Жуков уонна Хаҥалас улууһунааҕы филиал оператора Александр Ярков үлэлэһэн, күүс-көмө буоллулар.
Тохтобулга Чөркөөх саамай улахан хаһаайыстыбата – “Кэскил” ХЭУо сайылыктанар. Манна хаһаайыстыба отучча ынаҕын аппараатынан ыыллар. “Ферма кыргыттара” бырайыак кыттыылаахтара баар кэмнэригэр аппараат алдьанан турар диэбиттэрэ. Онон кэрэ куолар илиилэрэ хабыллыар диэри ыатылар. Кинилэр эмтээх от туһатын туһунан К.П.Токумова кэпсиирин болҕойон иһиттилэр. Сир аһын үргээбиттэриттэн Чөркөөх кырдьаҕас олохтооҕо, тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ Алексей Романович Новгородовка бэристилэр.
Василий НИКИФОРОВ, Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) хаартыскаҕа түһэриилэрэ.