Үөрэҕи тарҕатар Евгения Михайлова

29.06.2017
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр Евгения Исаевнаны билбэт киһи диэн суоҕа да буолуо. Ол эрээри, холобур бу мин, кинини үлэм сүнньүнэн балачча өрдөөҕүттэн  билэбин дии саныыр киһи, бүгүн кини, “послужной” диэн сууххайдык ааттанар (салайар, үлэлиир-хамсыыр киһиэхэ барытыгар оҥоһуллар) испииһэгин, хайдах эрэ, олох саҥалыы харахпынан көрдүм уонна, үөрүөм иһин, онтон сиэттэрэн, бу интервью төбөтө бэйэтэ тахсан кэллэ…

edersaas.ru


Онон, бүгүн Россия Үөрэҕин академиятын академига, СӨ Духуобунаска академиятын академига, РФ үтүөлээх учуутала, педагогическай наука доктора,  психологическай наука кандидата, М.К Аммосов аатынан ХИФУ ректора, оттон бу улахан карьератын Булуҥ, Томпо курдук хотугу улуустарга көннөрү математика учууталыттан саҕалаабыт Евгения Исаевна Михайлова – биһиги “Итии чэйбит” ыалдьыта.

Ол эрээри, университет олоҕор бүгүҥҥү саамай “итии” боппуруоһу таарыйыахпыт иннинэ, Евгения Исаевна  кэпсэтиини… махталтан саҕалаата.

Россияҕа 33-с миэстэ!

— Мин, бастатан туран, бүгүн университетым кэлэктиибигэр махталбын биллэрэбин. Тоҕо диэтэххэ, кэнники икки сылга биһиги балаһыанньабыт чахчы бөҕөргөөтө, туруктанна. Билэргит курдук,  “Интерфакс” агентство уонна “Эхо Москвы” радиостанция сыллата Россия университеттарын национальнай рейтиннэрин оҥороллор. Ол түмүгүнэн, М.К.Аммосов ­аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет 33-с миэстэҕэ таҕыста. Россия 1000-тан тахса вузтарыттан талан ылыллыбыт 264 университеттан 33-с миэстэ – бу үчүгэй көрдөрүү.

Университеттар үлэлэрин көдьүүһэ 6 сүрүн ирдэбилинэн сыаналанар: үөрэх­тээһининэн, научнай-чинчийэр үлэнэн, норуоттар икки ардыларынааҕы үлэнэн, социализациянан, университет брендинэн уонна инновация эйгэтигэр, коммерциализацияҕа ситиһиилэринэн.

Биһиги маннык куонкурустарга кыайаары-хотоору эрэ буолбакка, аныгы университеттарга араас хайысхаларынан билигин ордук туох-ханнык ирдэбиллэр туралларын билэ-көрө сылдьаары, кыттарга дьулуһабыт.

Университет оскуола үөрэнээччилэрин кытта үлэҕэ көрдөрүүлэринэн уон бастыҥ ахсааныгар киирэр. ХИФУ преподавателлэрэ профориентационнай үлэлэри эрэ буолбакка, биридимиэтинэй олимпиадалары эмиэ тохтоло суох тэрийэллэр, ыыталлар. Ол курдук, холобура, бастакы Хотугулуу-Илиҥҥи олимпиадаҕа 9 тыһыынча үөрэнээччи кыттыбыт эбит буоллаҕына, быйыл – 35 тыһыынчаттан тахса оҕо кытынна.

Маны таһынан,  “Интерфакс” өссө биир улахан суолталаах рейтини таһаарар – “социализация студентов” диэн. Бу рейтининэн уонна үөрэх бырагыраамаларынан, о.д.а. көрдөрүүлэрбитинэн биһиги быйыл 10-с миэстэҕэ баарбыт. Бэйэҕит да билэр буолуохтааххыт, “социализация” диэҥҥэ биһиги устудьуоҥҥа истипиэндьийэни биэриини эрэ киллэрбэппит, манна устудьуон производственнай практиканы барыыта, университеты бүтэрбит эдэр киһи үлэ миэстэтинэн хааччыллыытыгар тиийэ араас боппуруостар көрүллэллэр. Билигин биһиги университеппыт “АЛРОСА”, “Газпром”, “Роснефть”, “Транснефть” курдук бөдөҥ тэрилтэлэргэ тирэх буоларын ситистибит.

Ааспыт сылтан Бүтүн Россиятааҕы олимпиадаларга биһиги устудьуоннарбыт наар бириистээх миэс­тэлэргэ тахсаллар. Математиктарбыт Россия ­биэс бастыҥнарын ахсааннарыгар ­киирэллэр.  Медицинскэй, Физико-техническэй институттарбыт, историктарбыт, о.д.а. идэҕэ үөрэнээччилэрбит Бүтүн Россиятааҕы олимпиадаларга ситиһиилээхтик кыттан кэлэллэр. Физиктэрбит, химиктэрбит, естественнэй наукалары үөрэтээччилэрбит үөрдэллэр. Спортка, култуура эйгэтигэр биһиги устудьуоннарбыт чаҕылхай кыайыылара үгүс.

Бу барыта, биллэн турар, 4000 кэриҥэ киһини түмэр улахан кэлэктиип – преподавателлэр уонна устудьуоннар бары бииргэ тутуһан, систиэмэлээхтик үлэлииллэрин түмүгэр ситиһиллэр.

“Итии” боппуруос: сарбыйыы 

 — Евгения Исаевна, оттон бу күннэргэ араас интернет-таһаарыылар ХИФУ-га каадыры сарбыйыы улаханнык баран эрэр, элбэх исписэлиис үлэтэ суох хаалыыһы, диэн дорҕоонноох иһитиннэриилэрэ төһө ­олохтооҕуй?

— Маассабай сарбыйыы барбат ­диэн тутатына этэбин. Кэлэр үөрэх дьылыгар преподавательскай састааптан уопсайа 19 штатнай единицэ сарбыллыаҕа. Оттон 9 киһи Финансовай-экономическай институттан, араас биричиинэнэн, үлэлээн уурайар. Холобур, мантан икки киһи атын сиргэ көһөн барар.

Бу — кэнники биэс сыл бэттэх ыытыллар былааннаах үлэ. Уопсайа, 2000-тан тахса штатнай единицэни сарбыйдыбыт. Ол иһигэр, уурайбыта 200-чэ. Бары билэҕит, 2011 сылга ХИФУ-га ЯГИТИ уонна Педакадемия холбоспуттара, ол түмүгэр, хатылаһар штатнай единицэлэр бааллара, биллэн турар, сарбыллаллар. Кими даҕаны төрүөтэ суох ылан сарбыйан кэбиспэппит, арай элбэх быыгабардаахтартан, сэрэтиилээхтэртэн, кырдьык, босхолонобут. Үгүс киһи хантараага бүтэн уурайар, ону “сарбыйдылар” диэн сыыһа өйдөбүлү үөскэтэ сатааччы да, ханна барыай, баар буоллаҕа. Уопсайынан, бу, бары өттүттэн барытын ыараҥнатан көрөн  эрэ баран, оҥоһуллар дьыала. Итиэннэ, манна даҕатан эттэхпинэ, быһаарыыны мин ылынар буолбатахпын, кафедралар бэйэлэрэ быһаараллар.

— Оттон үгүс киһини аутсорсиҥҥа ыыталлар диэн баар дии?..

— Техническэй персонал – 200 үлэһит аутсорсиҥҥа көһөрүллэр. Ол иннигэр дьон эмиэ сыыйа-баайа көспүтэ. Быйылгылартан 150 киһи — остолобуой үлэһиттэрэ. Маныаха этиэм этэ – вуз ­туох даҕаны экэниэмийэни мантан ылбата, ол оннугар үлэһит хамнаһа үрдээтэ. Уонна, тус бэйэм бэлиэтии көрөрбүнэн, дьон үлэтигэр, бэйэтин эбээһинэһигэр ордук эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар буолла.

— Үөрэххэ бүддьүөт миэстэтэ сарбыллар дуо?

— Суох, сарбыллыбат, төттөрүтүн, сыллата элбии турар.

Социальнай истипиэндьийэ туһунан…

 — Кэлэр үөрэх дьылыттан вузка киириигэ, холобур, хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэрэстэбиитэллэригэр, тулаайахтарга, инбэлиит­тэргэ сыаллаах миэстэ диэн суох буолар үһү диэн эмиэ этэллэр…

— Сыаллаах миэстэлэр бааллар, элбии тураллар. Биһиги туруорсабыт. ХИФУ-га 439 устудьуон— хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэрэс­тэбиитэллэрэ үөрэнэллэр. 2016 сыллаахха Россия Үөрэҕин министиэ­ристибэтин быһаарыытынан кинилэргэ со­циальнай истипиэндьийэни биэрии тохтотуллубута. Онуоха биһиги баар сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэргэ хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэрэстэбиитэллэрин —устудьуоннары  өйүүргэ этии оҥорбуппут. Бу боппуруос Госдуума оробуочай бөлөҕүн көрүүтүгэр киирэн турар. Сөптөөхтүк быһаарыллыаҕа, саҥа үөрэх дьылыттан социальнай истипиэндьийэ чөлүгэр түһэриллиэҕэ диэн эрэнэбин.

Тохсунньуга – уларыйыы?..

Кэпсэтиибит түмүгэр Евгения Исаевна бэйэтин тус былааннарын туһунан иһитиннэрдэ. Дьиэ кэргэнигэр барыта этэҥҥэ. Үс уола улаатан, туспа ыаллар, оттон кырата – кыыһа Надежда ийэтэ салайар үөрэҕин кыһатын — ХИФУ-ну ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэн, физик (медицинскэй физика) идэлэнэн, билигин салгыы магистратураҕа үөрэнэ сылдьар. Оттон Евгения Исаевна ректор дуоһунаһыгар боломуочуйатын болдьоҕо 2018 сыл тохсунньутугар бүтэр эбит. Ол эрээри, кини бу кириэһилэтиттэн тутуһан олорор санаата суох. Солбук да суох буолбатах.  «Хайыы-үйэҕэ 6 киһини бэлэмнээтим», — диир. Евгения Исаевна дьокутаакка даҕаны туруорунар былаана суоҕун эттэ. Кини бэйэтин оннугар кандидаты эмиэ бэлэмнээбит.

— ХИФУ президенэ буолуохпун баҕарабын. Үөрэхтээһин бырагыраамаларынан уонна уопсастыбаннай үлэнэн олохтоохтук дьарыктаныам. Эдэр каадырдарга көмөлөһүөм. Уонна, баҕар, мемуардары суруйууну саҕалыам этэ буоллаҕа, — диэтэ Евгения Исаевна.

Сэмсэ тыл

Андрей Борисов, режиссер, РФ норуодунай артыыһа, 

СӨ бочуоттаах гражданина, СӨ Судаарыстыбаннай сүбэһитэ:

Мин тыйаатырга үлэбинэн, куруутун, киэһээ хойут 11 чаас диэки дьиэлээн, университет  иннинэн айаннаан иһэн көрдөхпүнэ – УЛК дьиэтин үһүс этээһигэр биир түннүк  мэлдьи уоттаах буолар, ол — Евгения Исаевна үлэлии олорор…  Ол уоттаах түннүк нөҥүө олорор киһи – өрөспүүбүлүкэбит туһугар, норуоппут туһугар, Сахабыт сирин кэлэр кэскилин туһугар түүннэри-күнүстэри  үлэлиир! Онуоха, эн эмиэ, оннук санана сылдьар киһи,  ардыгар күннээҕи түбүккэ сылайан-элэйэн, хайдах эрэ, сыппаары гыммыт курдук буоллаххына, ол түннүк уотун, онно Евгения Исаевна үлэлии олорорун  көрөөккүн кытта — эйиэхэ саҥа күүс-уох  киирэр, эрчим эбиллэр!

Ити бииринэн. Иккиһинэн… Салайааччы  араас буолар. Мин Евгения Исаевнаны вице-бэрэсидьиэннии сылдьар кэмин саныыбын. Үөрэхтээх киһи, мин манна, көннөрү “үрдүк үөрэхтээх, улахан уопуттаах”  эрэ диэн өйдөбүлгэ буолбатах — “образованность” диэн саамай киэҥ өйдөбүлүгэр этэбин, оннук киһи салайар ньымата олох атын буолар.  Үсүһүнэн, Евгения Исаевна, мин санаабар,  хас биирдии киһиэхэ кини ис кыаҕын арыйан, кыымын күөдьүтэн биэрэр ураты дьоҕурдаах.  Итиэннэ, ханнык даҕаны идиэйэ үөскээтэҕинэ, кини хаһан даҕаны, кими даҕаны түһэн биэрбитэ, уган биэрбитэ, таҥнарбыта диэн суох. Киһи эрэнэр киһитэ!

 Олоҕун олуктара

Михайлова Евгения Исаевна

1949 cыллаахха алтынньы 9 күнүгэр Саха АССР Сунтаар сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ.

1967 с.  Дьокуускай к. 2 N-дээх орто оскуолатын бүтэрбитэ.

1972 с. СГУ-н бүтэрэн, математика учууталын идэтин ылбыта.

1972-1983 сс. – Булуҥ оройуонун Бороҕонугар,  Дьокуускай к. 13 N-дээх оскуолатыгар, Томпо оройуонун Мэҥэ-Алдан орто оскуолатыгар математика учуутала.

1983-1988 сс. – Дьокуускай к. Ярославскай оройуонун Норуот үөрэҕириитин салаатын иниспиэктэрэ, сэбиэдиссэйэ.

1988-1996 сс. – Дьокуускай куорат Үөрэҕин управлениетын салайааччы.

1996-1997 сс. СӨ үөрэҕин миниистирин I солбуйааччы, үөрэх миниистирин э.т.

1997-2002 сс. – Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин миниистирэ.

2002-2003 сс. – СӨ бырабыы­талыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы э.т., СӨ үөрэҕин  миниистирэ.

2003-2007 сс. – Саха Өрөспүүбүлүкэтин  бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы.

2007-2010 сс. – Саха Өрөспүүбүлүкэтин вице-бэрэсидьиэнэ.

2010 сылтан —  М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет ректора.

Татьяна МАРКОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0