Үрдээбит босуобуйалар кээмэйдэрэ

Бөлөххө киир:

Бэрэсидьиэн Владимир Путин ыйааҕынан, 2022 сыл бэс ыйын 1 күнүттэн үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ, үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ (МРОТ), тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 10% үрдээбитэ. Саха сиригэр олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйэ ортотунан 2 тыһыынча солкуобай кэриҥэ үрдээбитэ. Бу былааннамматах үрдээһин буолар, ол эбэтэр, бу 2022 сылга иккитэ үрдээтэ.

Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдээтэҕинэ, босуобуйалар, төлөбүрдэр суумалара эмиэ үрдүүр. Дьэ, чопчу төһө буолбут эбитий?

Босуобуйалар, төлөбүрдэр 2022 сыл бэс ыйын 1 күнүттэн үрдээбит кээмэйдэрэ:

Босуобуйа, төлөбүр 1-кы зона (хотугу улуустар) 2-с зона
1.01.2018 сылтан бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ (иитэ ыллахха) ый аайы бэриллэр төлөбүр (1-кы оҕоҕо путинскай босуобуйа)  

25 552 солкуобай

 

21 403 солкуобай

1.01.2019 сылтан бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ (иитэ ыллахха) биирдэ бэриллэр төлөбүр (1-кы оҕоҕо айсеновскай босуобуйа)  

51 104 солкуобай

 

42 806 солкуобай

1.01.2019 сылтан үһүс уонна төрдүс, бэһис… оҕо төрөөтөҕүнэ (иитэ ыллахха) ый аайы бэриллэр төлөбүр (3-с оҕоҕо айсеновскай босуобуйа)  

25 552 солкуобай

 

21 403 солкуобай

3-7 саастаах оҕоҕо ый аайы бэриллэр босуобуйа 12 776 (50%)

19 164 (75%)

25 552 (100%)

10 701 (50%)

16 052 (75%)

21 403 (100%)

1.01.2018 сылтан иккис оҕо төрөөтөҕүнэ (иитэ ыллахха) Ийэ хапытаалыттан ый аайы бэриллэр төлөбүр (2-с оҕоҕо путинскай босуобуйа)  

25 552 солкуобай

 

21 403 солкуобай

8-16 саастаах оҕолорго ый аайы бэриллэр босуобуйа 12 776 (50%)

19 164 (75%)

25 552 (100%)

10 701 (50%)

16 052 (75%)

21 403 (100%)

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: kp.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0