Саха сирин “күлүүһэ суох хаайыынан” Арассыыйа ыраахтааҕылара маҥнайгы Романовтартан саҕалаан ааттаабыттара. Өрө турбут хаһаактары, итэҕэл утарааччыларын, сыыһа туттубут сулууспа дьонун, үрдүк сололоох тойоттору империя уһугар сытар тыйыс сиргэ утаараллара. Сэбиэскэй былаас кэмигэр үксүн өрөбөлүүссүйэ дьыалатыгар бэриниилээх “судаарыскайдар” туһунан эрэ суруллар буолан, бэрт дьикти дьылҕалаах, үрдүк сололоох сыылынайдар тустарынан билиибит бэрт тутах.
Сымса уолу ыраахтааҕы бэлиэтиир
Антонио Девиер диэн ааттаах португалец кимтэн кииннээҕэ, хантан хааннааҕа чопчу биллибэт. Сорох сабаҕаларынан кини Португалияҕа 1673 эбэтэр 1674 сыллаахха төрөөбүт. Атын дааннайдарынан 1682 сыллаахха Амстердам куоракка Португалияттан көһөн кэлбит дьадаҥы дьэбириэй дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт.
Хайата кырдьыга аны чопчу биллибэтэ буолуо, ол эрэн ити улахан оруола суох. Уолчаан олоҕун сүрүн олуга 1697 сыллаахха охсуллар. Ити кэмҥэ Арассыыйа ыраахтааҕыта биллэрин курдук, Голландияҕа уопут ылына тиийэ сылдьар. Голландия ити кэмнэргэ муора дьыалатын баһылаабыт биир бастыҥ судаарыстыба буолар, онон Бүөтүр ыраахтааҕы (өссө улуу буола илигинэ) болҕомтотун ордук хараабыл тутуутугар, уунан устар маастарыстыбаҕа уурар. Биир күн нуучча делегациятын иннигэр улахан байыаннай оонньууну көрдөрөллөр. Хараабыл мачталарынан сүүрэ сылдьар мотуруостар истэригэр эдэр юнга Антонио, сымсатынан, түргэнинэн ыраахтааҕы хараҕа таба хатанар, ыҥыран ылан хайҕыыр. Ити курдук, уол дьылҕата быһаарыллар — Бүөтүр тус денщик-камердинерынан ананан Арассыыйаҕа айанныыр.
Үрдүк солоҕо сыыдам ыттыы
Ыраахтааҕы хараҕын далыгар киирбит киһитигэр кыра эмэ өй, сатабыл баар буоллаҕына кыра-хара дуоһунаһыгар өр сылдьыбат, бу чахчы Бүөтүр былааһын кэмигэр ордук чаҕылхайдык көстөр. Девиер ыраахтааҕы сорук-боллур уолунан өр сылдьыбат, чочумча буолан баран 1708 сыл сайыныгар ротмистр чыынын ылар, сыл ааһа илигинэ майор званиета иҥэриллэр. Аҕыйах кэм ааһыыта гренадерскай полк подполковнига буола улаатар. Оттон 1711 сылга генерал-адъютант диэн чыыҥҥа тиксэр. Бу Арассыыйаҕа эрдэ суох чыыҥҥа кини уонна Павел Ягужинскай тиксэллэр. Маннык чиэһи бочуоту Девиер ылыаҕын ылар — мачтанан эрэ ыттарга дьоҕурдаах киһи буолбатаҕын дакаастыыр ол кэм киин куоратын Санкт-Петербург тутуутугар көхтөөхтүк үлэлиир, элбэх уларыта тутууну киллэрэр. Арассыыйаҕа аан бастаан уулусса сырдатыытын киллэрэр, куорат кирдээх уутун биир кииннээн дьаһанар сулууспаны тэрийэр. Санкт Петербург полицмейстерынан ананан буруйу кэһиини утары үлэни тэрийэр,
ордук хааһынаттан уорууну, үспүкүлээннээһини утары элбэх үлэни ыытар. Уопсайынан, туһалаах киһи буоларын көрдөрөн, реформатор ыраахтааҕы таптыыр доҕордоруттан биирдэстэрэ буолар.
Меншиковтыын өстөһүүтэ
Граф, кинээс Александр Меншиковтыын Антон Девиер өстөһүүтэ кэргэн кэпсэтииттэн саҕаламмыта диэн ааҕыллар. Эмискэ күөрэйбит омук одьунааһа кини эдьиийин кытта эрийсэрин сөбүлээбэккэ Меншиков Девиери өлөрдүү абааһы көрбүт үһү. Дьиҥэр эттэххэ, Александр Данилович даҕаны өбүгэлэринэн өттөйөр кыаҕа суох, саамай аллараттан тахсыбыт киһи буоллаҕа дии. Уулуссаҕа бөрүөк атыылыы сылдьар уолу ыраахтааҕы таба көрөн чугаһаппытын туһунан номоҕу бары да истибит буолуохтаахпыт. Онон өстөһүү ис дьиҥэр ыраахтааҕы болҕомтотун былдьаһыы күнүүтэ буолуон сөп.
Ити гынан Антон Меншиков эдьиийигэр иҥээҥнээн иккитэ кэргэн кэпсэтэ сылдьыбыта баар суол. Бастаан көннөрү аккаас
бэриллибит, иккис сырыытыгар кэпсэтэр кыыстара хат сылдьарын билэн, Меншиков дэлби уордайан Девиери күүскэ сынньыбыт. Онуоха туран Антон ыраахтааҕыга үҥсүбүт. Петр биир сөбүлүүр дьарыгынан чугас дьонун уруутун тэрийии буоларын киитэрэй португалец бэрткэ билэн, ити албаһы барытын эрдэттэн былааннаабыт буолуон сөп. Туох кистэлэҥ киксиилэр ол кэмҥэ буолбуттарын билбит суох, ол эрэн Петр улахан сыбаайба тэрийэн, Анна Даниловна уонна Антон Мануилович (ити кэмҥэ киһибит таҥараҕа тиксэн, нуучча итэҕэлин ылан нууччалыы ааттаммыта ырааппыт) эр ойох буолаллар. Ойоҕун инитэ ити күнтэн ыла күтүөтүн суулларар тоҕоостоох кэми күүтэн барар.
Саха сиригэр сыылынай
Ыраахтааҕы таптыыр доҕоро буолар үчүгэй — элбэҕи ситиһиэххэ сөп. Бу балаһыанньа биир эрэ итэҕэстээх — ыраахтааҕы ханнык баҕар киһи курдук эмискэ өлөн хаалыан сөп. Оччоҕуна эрэллээх хаххата суох олороргор тиийэҕин. 1725 сыллаахха Улуу Петр күн сиригэр олорор болдьоҕун түмүктүүр. Кини кэнниттэн олорбут ойоҕо Екатерина I эмиэ уһаабат — икки сылынан кэргэнин батыһар. Ити кэрчик кэмигэр Меншиковтаах Девиер бэйэ-бэйэлэрин араастаан үтүрүйэ сатыыллар. Ол курдук, Девиер Меншиков төрөппүт кыыһын Петр II ыраахтааҕы ойоҕо оҥоруон баҕарбыт былааныгар көхтөөхтүк утарылаһар, Курляндия герцога буолар былаанын ыһар. Кэмниэ-кэнэҕэс дыбарыас интригаларыгар ордук уопуттаах Меншиков күтүөтүн кыайар
— Петр II престолга тахсарын утарбыта диэн буруйданан Девиер бары сололоруттан уһуллар, кымньыынан таһыллар, Саха сиригэр болдьоҕо суох сыылкаҕа утаарыллар.
Саха сиригэр Антон Мануилович олоҕун-дьаһаҕын туһунан билэрбит аҕыйах — Эдьигээҥҥэ тиийэн “балык аһылыктаах, атын дьону кытта алтыһара хааччахтаах” олорбута эрэ биллэр. Ити курдук 12 сыл олорон баран Охотскай порт дьаһаах хомуйааччыта Григорий Скорняков‑Писарев аһары аһаан-сиэн барбыта олохтоохтор үҥсүүлэринэн биллэн, Анна Ионовна императрица “көрсүө киһинэн солбуйарга” сорук ыытар. Оннук көрсүө киһинэн Девиер ааттанар. Ол курдук Охотскайга тиийэн дьаһаах хомуйааччынан үлэлиир. Тиийээт даҕаны иннинээҕи тойон баайын-дуолун атыылаан, гарнизоҥҥа сулууспалыыр дьоҥҥо хас да сыллаах мунньуллубут хамнастарын төлүүр, бэрт саталлаах дьаһаллары оҥорор. Итиннэ олорон навигация оскуолатын төрүттүүр, Витус Беринг Иккис Камчаткатааҕы эспэдииссийэтин тэрийиигэ кыттыыны ылар. Навигация оскуолата кэнники Сибиир флотилиятын штурманскай училищета буола улаатар.
Улахан дойдуга төннүү
Ити өҥөлөрүн иһин буолуо, Антон Мануилович Девиер ол кэмҥэ эриэккэс сокуон дьайыытыгар тиксэр — Улуу Петр төрөппүт кыыһа Елизавета 1741 сыллаахха анал ыйааҕынан “буруйун” боруостаан, Санкт Петербурга төннөрүн көҥүллүүр. Төннөн кэлбит сыылынайга уордьаннарын, баайын-дуолун төннөрөллөр, граф солото сөргүтүллэр, генерал-аншеф чыыҥҥа үрдэтэллэр. Уонна саҥаттан Петербург полицмейстерынан ананар. Ол эрэн өр сыллаах сыылка, төттөрү кэлэр уһун айан доруобуйа-
тын улаханнык айгыраппыттара биллэр. Биир сыл сулууспалаан баран “доруобуйата көнүөр диэри” отставка көрдөөн, сынньалаҥҥа атаарыллар. Ол эрэн ити кэннэ өрүттүбэт, биир сыл иһигэр тыына быстар.
Түмүккэ
Саха сиригэр үүрүллэн кэлэн олохторун моҥообут үрдүк сололоохтор аҕыйаҕа суохтар. Дьокуускайга олоҕун моҥоо-
бут графиня Бестужева Анна Гавриловна туһунан бары истибиппит. Бэйэтин кэмигэр муҥура суох былаастаах вице-канцлер Михаил Головкин Орто Халымаҕа сыылкаҕа олорон ыалдьан өлбүтэ (сорох сурахтарынан сыылканы тулуйбакка чаҕардарыгар муомахтаан өлөрөллөрүгэр соруйбут). Коммерц-коллегия бэрэсидьиэнэ барон Карл Менгден Аллараа Халыма остуруогар дьиэ кэргэнин кытта үүрүллэн кэлэн тиһэх күнүгэр диэри олорбута. Уонна да атын улуу дьонунан аатыра сылдьыбыт үрдүк сололоохтор бүтэһик суолларыгар Саха сириттэн атаарыллыбыттара. Оттон дойдуларыгар төннөн урукку үрдүк чыпчаалларыгар төттөрү дабайбыттар тарбахха баттанар аҕыйахтар. Олор истэригэр сымсатын иһин Арассыыйаҕа айанныыр чиэскэ тиксибит Голландия эр бэрдэ Антон Девиер буолар.
Егор Карпов