Үрдүк үөрэххэ эксээмэнэ суох киириэххэ сөп

Ааптар: 
20.09.2020
Бөлөххө киир:

Оннук, чахчы оннук… Үрдүк үөрэххэ эксээмэнэ суох киириэххэ сөп. Быйыл ХИФУ-га 26 оҕо олимпиада түмүгүнэн эксээмэнэ суох киирбит. Хайдах? Биллэн турар, чопчу үрдүк үөрэххэ учуоттанар эрэ олимпиадаҕа кыттар ордук. Ханнык? Бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр маны көрүөхпүт.

edersaas.ru

ХИФУ олимпиадалары учуоттуур

Бүгүн чопчу Саха сирин үгүс үөрэнээччитэ туттарсар, үөрэнэ киирэр М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет холобурун көрүөхпүт. Тустаах үөрэх кыһата араас олимпиадаларга, научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ, өйүнэн күрэхтэһиилэргэ, уо.д.а. тэрээһиннэргэ миэстэлэһии, кыттыы иһин үөрэххэ киирээччилэргэ тус ситиһии баалын эбэр.

Бүгүн итинтэн ойуччу олимпиаданы ылан көрүөҕүҥ. ХИФУ араас олимпиадалар түмүктэрин учуоттуур. Олимпиаданы сүрүннээн түөрт бөлөххө араараллар: Бүтүн Арассыыйатааҕы оскуола үөрэнээччилэрин олимпиадалара, үөрэнээччилэр олимпиадаларын Арассыыйатааҕы сэбиэтин олимпиадалара (РСОШ), үрдүк үөрэх бэйэтин олимпиадата, оҕону сайыннарар олимпиадалар. Холобура, үөрэнээччилэр олимпиадаларын Арассыыйатааҕы сэбиэтин (РСОШ) олимпиадаларын кыайыылаахтара уонна призердара кыттар биридимиэттэрэ туттарсар хайысхаларыгар сөп түбэһэр буоллаҕына уонна биир кэлим эксээмэннэригэр (ЕГЭ) 75-тэн үрдүк баалы ыллахтарына, университекка эксээмэнэ суох киирэр кыах­таахтар.

Сүүһүнэн олимпиадаттан — сөптөөҕүн

Дойду үрдүнэн сүүһүнэн олимпиада араас көрүҥэ ыытыллар. Биллэн турар, оҕо олимпиадаларга, тэрээһиннэргэ кыттара туох куһаҕаннаах буолуой… Ол эрээри, итинтэн бэрт ахсааннааҕа эрэ суолталаах, оҕо үөрэххэ туттарсарыгар учуоттанар, баал эбэр кыахтаах. Докумуону тутар хампаанньаҕа абитуриеннар, төрөппүттэр көтөх муҥунан портфо­лиону соһон аҕалалларын сыымайдаан көрдөххө, биир даҕаны сөп түбэһэр суох, хомойон ытыахча курдук буолаллар диэни истээччибит. Ол иһин үрдүк үөрэх саайтарын үөрэтэр итиэннэ чопчу баал ааҕыллар тэрээһиннэригэр кытта сатыыр ордук диэн сүбэлииллэр. Оҕо ханнык идэни талыан баҕарарыттан сиэттэрэн, онно ханнык олимпиада “ыйааһыннааҕын” эрдэттэн ааҕан билэр табыгастаах. Олимпиадалар испииһэктэрин, онно төһө баал ааҕылларын сиһилии үрдүк үөрэхтэр кыһаларын саайтарыгар көрүөххэ сөп. Бу, оҕо тус ситиһиитэ (индивидуальные достижения) диэн ааттанар.

26 оҕо — олимпиада түмүгүнэн

ХИФУ үрдүк үөрэх иннинээҕи бэлэмнэниигэ факультетыгар (ФДОП) иһитиннэрбиттэринэн, кэлиҥҥи үс сылга Үөрэнээччилэр олимпиадаларын Арассыыйатааҕы сэбиэтин (РСОШ) олимпиадатыгар кыайыылаах үрдүк аатын ылан, миэстэлэһэн, 45 оҕо эксээмэнэ суох үөрэххэ киирбит. Быйыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэх – 26 оҕо (1 оҕо ВсОШ, 25 оҕо РСОШ) киирдэ диэн үөрүүлэрин үллэстэллэр. Кинилэргэ үрдэтиллибит 10 тыһыынча солкуобай истипиэндьийэ көрүллэр диэн этэллэр. Манна даҕатан эттэххэ, биир кэлим эксээмэҥҥэ 100 бааллаах 12 оҕо киирбит, итинтэн биир оҕо икки биридимиэтин 100-түү баалга туттарбыт.

Сыллата РФ Үрдүк үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтэ федеральнай суолталаах олимпиадалар испииһэктэрин (РСОШ) бигэргэтэр. Быйылгы сыллааҕы испииһэк алтынньы ыйга чопчуланыаҕа. Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет ыытар олимпиадата (СВОШ) филологияҕа биридимиэтэ испииһэк быра­йыагар баар. Бу олимпиада түмүгэ түөрт сыл дьайар. Онон оҕолору 8-с кылаастан саҕалаан, тустаах олимпиадаҕа кытыннарар ордук. Манна Саха сирин оҕолорун хото хабар сыалтан “Олимпиада оскуолатын” тэрийэн үлэлэппиттэрэ хаһыс даҕаны сылыгар барда. Итини таһынан, ХИФУ атын университеттар Үөрэнээччилэр олимпиадаларын Арассыыйатааҕы сэбиэтин (РСОШ) испииһэгэр киирбит олимпиадалары эмиэ тэрийэр.

“Олимпиада оскуолата”

ХИФУ-га “Олимпиада оскуолата” үлэлээбитэ быданнаата.
8-11-с кылаас оҕолорун анаан-минээн олимпиадаларга бэлэмнииллэр. Педагогика билимин хандьыдаата, ХИФУ үрдүк үөрэх иннинээҕи уонна профориентацияҕа факультетын кафедратын сэбиэдиссэйэ Милана Федотова: “Олимпиада, оскуола үөрэтэр бырагырааматыттан уратылаах. Биһиги чопчу олимпиадаҕа бэлэмниибит. Быйыл дьарыкпытын алтынньыттан саҕалыахпыт, нэдиэлэҕэ иккитэ балтараа ый устата буолуоҕа, төлөбүрэ 3 700 солкуобай. Куорат оҕолорун күнүскү-дистанционнай көрүҥүнэн дьарыктыыбыт.

Хамсык дьаҥынан сибээстээн, үөрэтии көрүҥүн кэҥэтэн биэрдибит. Ол курдук, кэтэхтэн-дистанционнай көрүҥ киирэн, улуус оҕолоро эмиэ дьарыктаналларыгар кыах үөскээтэ”, – диэн кэпсиир.

“Ханнык олимпиадаҕа кыттары эрдэттэн билиҥ”

Анастасия Оконешникова, ХИФУ естественнэй наукаларга институтун фундаментальнай уонна прикладной химия 1 кууруһун устудьуона:

— Тохсус кылааска диэри Чөркөөх (Таатта) орто оскуолатыгар үөрэммитим. 10-11-с кылаастарга Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Анал үөрэтэр-научнай киинигэр (СУНЦ) үөрэнним. Химияны сэҥээрэр буолан, чопчу тустаах биридимиэт олимпиадаларыгар кыттарым. Ол курдук, 7-с кылааска үөрэнэ сылдьан “Первая орбиталь” эрэгийиэннээҕи олимпиадаҕа миэстэлэспитим. 8-с кылаастан ыла сыллата Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиада эрэгийиэннээҕи түһүмэҕэр миэстэлэспитим. Быйыл “Будущее Сибири” олимпиадаҕа миэстэлэһэн, университекка эксээмэнэ суох киирдим.

Ханнык олимпиадаҕа кыттар ордугун билэн баран, кыра кылаастан кыттар наада эбит. Мин ханнык олимпиада үөрэххэ киирэргэ баал эбэрин улаатан баран, 10-11-с кылаастарга эрэ көрбүтүм. Сорохтор көннөрү, баал эппэт олимпиадалар.

Олимпиадаҕа ситиһии — дьаныардаах үлэ түмүгэ

Владимир Тарабукин, ХИФУ физика-тиэхи­ньиичэскэй институт фундаментальнай физика 1 кууруһун устудьуона:

— Сэттис-тохсус кылаастарга Дьокуускай куорат 12-с нүөмэрдээх оскуолатыгар,
10-11-с кылаастарга өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээккэ үөрэммитим. Сөбүлүүр биридимиэтим физика, математика. Сэттис кылааска үөрэнэ сылдьан физикаҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиадаҕа кыттан миэстэлэспитим. Олимпиадаларга хото кыттыым итинтэн ыла саҕаламмыта. “Туймаада” норуоттар икки ардыларынааҕы олимпиадаҕа кыттыбытым. Былырыын “Звезда” элбэх хайысхалаах олимпиадаҕа, Саммат олимпиадаҕа миэстэлэспитим.

Олимпиадаҕа миэстэлэһэр туһугар күннэтэ дьарыктанар, садаача суоттуур, кинигэ ааҕар ирдэнэр. Кинигэ арааһа баар, интэриниэтинэн даҕаны бэлэмнэниэххэ сөп. Кэмигэр утуйар, турар эмиэ оруоллаах дии саныыбын. Ону таһынан, ханнык олимпиадаҕа кыттар тоҕоостооҕун билэр ордук.

“Олимпиадаларга алын кылаастан кыттыҥ”

Сайаана Жиркова, ХИФУ фиологияҕа факультетын нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала идэтин 1 кууруһун устудьуона:

— Нам улууһун гимназиятын бүтэрбитим. Университекка Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет (СВОШ) филологияҕа (нуучча тыла уонна литэрэтиирэ) олимпиадатынан киирдим. Быйыл миэстэлэспитим. Ону таһынан, Томскайдааҕы университет ОРМО олимпиадатыгар миэстэлэспитим. Ахсыс кылааска үөрэнэр сылбыттан саҕалаан араас биридимиэттэр олимпиадаларыгар кыттарым.

Уопсайынан, ХИФУ ыытар филологияҕа олимпиадата Арассыыйатааҕы испииһэккэ киирэрин билэр буолан, болҕомтону нуучча тылыгар, литэрэтиирэҕэ уурбутум. Эрдэттэн бэлэмнэммит буолан, миэстэлэһэн баран олус үөрбүтүм. Гимназиям учууталлара Анисия Дмитриевна Рехлясова, Дарья Николаевна Винокурова бэлэмнээбиттэрэ. Ону таһынан, ХИФУ-га олимпиада иннинэ эрэ үс-түөрт күннээх бэлэмнэниини ааспытым улаханнык туһалаата. Төлөбүрэ кыра этэ. Ол оннугар бэлэмнэниим көмөлөһөн, миэстэлэһэн, университекка эксээмэнэ суох киирдим.

Бүтэһик күннэргэ испииһэк араастаан хамсаата, ол аайы абитуриеннар долгуйаллар. Оттон мин олимпиадаҕа кыттыбыт буолан, эрэх-турах санаммытым.

Арассыыйатааҕы испииһэккэ киирбит олимпиадаларга кыттар ордук диэн сүбэлиэм этэ. Туохтан даҕаны куттаммакка, алын кылаастартан саҕалаан кытыннахха, улахан кылаастарга тахсыыга киһи уопутурар эбит. Сороҕор 10-11-с кылаас сорудахтара хатыланаллар. Онон үчүгэйдик бэлэмнэннэххэ, миэстэлэһиэххэ сөп.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ”хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0