Үрдүк категориялаах учуутал муоста сууйааччыны кытта тэҥ хамнастаах

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

РФ бэрэсидьиэнин пресс-кэмипириэнсийэтин кэмигэр учуутал хамнаһын туһунан ыйытыы киирбит. Чопчулаан эттэххэ, тыа сиригэр 18 чаастаах, үрдүк категориялаах учуутал бу үөрэх тэрилтэтигэр үлэлиир муоста сууйааччыны кытта тэҥ хамнаһы ылар диэн суруйбуттар. Дойду бэрэсидьиэнэ сытыы боппуруос буолан, атын ыйытыылартан чорботон ылан хоруйдуубун диэн эттэ.

edersaas.ru

Биһиги хамнас алын кээмэйэ (МРОТ) тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн (прожиточный минимум) намыһах буолуо суохтаах диэн быһаарыыны ылыммыппыт. Ити кэрдииһин (шкала) сыҕарытан биэрбиппит. Ол түмүгэр эһиги суруйар көстүүгүт тахсан кэллэ. Муоста сууйааччы хамнаһын үрдэттилэр. Ол эрээри, итини сэргэ атын категорияларга хамнас таһымын үрдэтэн бэриллиэхтээҕэ. Ол эрээри, ити бүддьүөт хааччахтааҕынан сибээстээн үрдээбэтэх. Судаарыстыба маны үрдэтиэн наада, үрдэтэригэр күһэллэр. Онон бу түгэн нуорма буолбатах диэн Бырабыыталыстыба болҕомтоҕо ыларыгар туһаайабын”, — диэн эттэ.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА).

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0