Уһук хоту Анаабыр улууһугар икки эрэ нэһилиэк баар: Сааскылаах уонна Үрүҥ Хайа. Нэһилиэнньэтэ — 3553. Ол да буоллар, манна бырамыысыланнас күүскэ сайдар кэскиллээх.
Лаптевтар муораларыгар ньиэп улахан саппааһа көстөн, аны аҕыйах сылынан хара көмүһү хостуур, переработкалыыр техническэй үлэһиттэр наада буолуохтара. Улуус дьаһалтата инники өттүгэр олохтоох дьоҥҥо үлэ миэстэтин таһааралларын туруорсуохтаах.
Бу соторутааҕыта Сааскылаахха ыытыллыбыт «ЭкоАрктика-2018» экологическай форум кэмигэр «Роснефть» иһинэн тэриллибит «РН-Шельф-Арктика» тэрилтэ олохтоох дьону уопсай күрэх быһыытынан, саамай кыахтаахтарын, дьоҕурдаахтарын үлэҕэ ыларга бэлэмин эппитэ. Биллэн турар, улахан хампаанньаҕа ыллыҥ да киирбэккин, кинилэр ирдэбиллэригэр эппиэттэһэр буолуохха наада.
«РН-Шельф-Арктика» үлэһиттэрэ оскуола оҕолорун кытта көрсөн геолог, эколог, нефтяник үлэтин туһунан, ханнык биридимиэттэргэ ситиһиилээхтик үөрэниэххэ наадатын кэпсээтилэр. Бүгүн ньиэп бырамыысыланнаһыгар туох-ханнык идэни баһылыахха сөбүн, ол дьон тугу үлэлииллэрин билиһиннэрэбит.
Геологическай чинчийиигэ
Геолог
сир баайын көрдүүргэ хайа боруодатын састаабын, сир дойду геологическай тутулун үөрэтэр, миэстэтигэр тиийэн геолого-съемочнай үлэ оҥорор, онон сирдэтэн ньиэп ханна баарын чинчийэр.
Геодезист
айылҕа баайа ханна баарын сырдатар топографическай былаан, каарта оҥорор, скважина үүттүүргэ сөптөөх сири булар, тутууга учаастак бэриллиэҕиттэн эбийиэк туттарыллыар диэри арыаллыыр.
Маркшейдер
хайа эбийиэктэрин, сир аннынааҕы шахтаны тутарга, сир баайын чинчийэргэ геодезическай разметка оҥорор. Итиниэхэ миэстэтигэр тиийэн геометрическай хабааннаах каартаҕа чинчийэр учаастак, скважина ханна баарын бэлиэтиир. Геологтары кытта сир баайын ааҕар, чертеж оҥорон, сир кырсыгар төһө кээмэйдээх ньиэп, гаас баарын ыйар.
Геофизик
сир анныгар туох баарын, ол сайдыытын, тутулун, састаабын үөрэтэр. Сиртэн хостонор баайы чинчийэр, көрдүүр, хайа боруодатын оҥоһуутун, ирбэт тоҥ төһө халыҥын, ньиэп-гаас саппааһын сыаналыыр.
Сир баайын хостуурга
Ньиэби уонна гааһы хостуур оператор
автоматизированнай скважинаҕа солбуһа сылдьан үлэ тохтооботун хааччыйар.
Лаборант
скважина түгэҕиттэн хостоммут эттиктэр химическэй састааптарын анал лабораторияҕа чинчийэр, ньиэп хаачыстыбатын кээмэйдиир.
Табаар оператора
магистральнай турбаҕа ньиэби кутар, харайар, ыытар, резервуардары кээмэйдиир, хонтуруоллуур, хара көмүс боруобатын ылар.
Технологическай насос машиниһа
ньиэби хачайдыыр носуос магистральнай турбаҕа бородууксуйаны биэрэрин туһугар эппиэттиир.
Линейнэй трубопроводчик
скважина, таҥыллар коллектор, ууну, гааһы хачайдыыр турба үлэтин бэрийэр, өрөмүөннүүр, турба иһин ыраастыыр.
Скважина үүттээһиҥҥэ
Инженер-технолог
скважина үүттүүр үлэни былаанныыр, салайар, сүрүннүүр, саҥа инновационнай технологиялары киллэрэр.
Супервайзер
скважина үүттүүргэ технологическай үлэни хонтуруоллуур, тиэхиньикэни, оборудованиены, матырыйааллары бэрэбиэркэлиир, саахал тахсыбатын, үлэ таах турбатын туһугар эппиэттиир.
Вышкомонтажник
буровой вышканы тиэйэн илдьэн туруорар, ол миэстэтин булларарга ууга дьаакыр түһэрэр, оборудованиены иҥиннэрэр, бөҕөргөтөр, геологическай чинчийэр үлэни ыытарга буровой установканы хомуйар, көһөрөр.
Ньиэп бырамыысыланнаһын идэлэрин баһылыырга физикаҕа, математикаҕа, географияҕа, черчениеҕэ дириҥ билии, дьоҕур ирдэнэр.
Бу кыараҕас хайысхалаах идэлэр, мантан атын эйгэҕэ баран үлэ булар күчүмэҕэй соҕус буолуо эрээри, инникитин тиэхиньиичэскэй идэлээх дьон автоматизированнай ситимнээх оборудованиелары салайыахтара. Үптээх-харчылаах дьон кинилэр буолуохтара.
Москва куоракка И.М. Губкин аатынан ньиэп уонна гаас Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай университета, Дьокуускайга ХИФУ иһинэн Хайа института үрдүк үөрэхтээх исписэлиистэри бэлэмнээн таһаарар. Оттон оробуочай идэлэргэ кылгас кэмнээх куурустарга «Профресурс» кииҥҥэ үөрэнэн, оператор, слесарь, трубопроводчик идэтин баһылыахха сөп.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru