РБО доброволецтара эмп биэрдилэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүтүн Арассыыйатааҕы тыыннаах эйгэни харыстааһыҥҥа үлэлиир «Арассыыйатааҕы биология уопсастыбата» (РБО) хамсааһын доброволецтара Бэтэринээрийэ департаменыгар эмп-томп биэрэн бардылар.

Бу хамсааһын бэрэстэбиитэллэрэ Саха сиригэр ойуур баһаарыттан эмсэҕэлээбит сүөһүлэргэ, кыылларга көмөлөһөр сыаллаах балаҕан ыйын саҕаланыытыгар кэлбиттэрэ.

Олохтоох бэтэринээрдэри кытары уокка эчэйбит сүөһүлэри эмтээбиттэрэ, Горнай улууһугар бизоннар заповедниктарыгар уонна бэйдиэ сылдьар ыттары, куоскалары быстах тутар сиргэ үлэлээбиттэрэ.

Дойдуларыгар төннөллөрүгэр ордубут эмтэрин-томторун барытын Бэтэринээрийэ департаменыгар биэрдилэр.

«Арассыыйатааҕы биология уопсастыбатын» доброволецтарыгар көмөлөрүн, үтүө санааларын уонна кыылга-сүөлгэ, хамсыыр харамайга тапталларын иһин истиҥник махтанабыт, олохторугар дьолу-соргуну, үлэлэригэр-хамнастарыгар ситиһиилэри баҕарабыт диэн Бэтэринээрийэ департамена сайтыгар суруйар.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0