Рационализатор сүбэтэ: хотон үлэтин чэпчэтэр тэриллэри туһаныҥ
Соторутааҕыта үөрэҕин түмүктүүр үлэтин суруйуохтаах устудьуоммун кытары көрсөн, үлэтэ туох туhунан буолуохтааҕын торумнаатыбыт.
edersaas.ru
Кини тэрээһиннээх хаhаайыстыба салайааччыта, 90 сүөһүнү, ол иhигэр 25 ыанар ынаҕы кыстатан турар. Хотонун устата 40, кэтитэ 8 миэтэрэ. Оту киллэрэн тарҕатарга табыгастааҕынан, сүөhүлэрэ хотон үөhүн диэки бастанан тураллар. Ынахтарын уулатарыгар былаастыгынан оҥоһуллубут хорууданы сыҕарыта сылдьан, кыраантан уу сүүрдэр эбит. Аны ити хорууда оту тарҕатарга мэhэйдиир, оттон уулатык (автопоилка) атыылаһан туруоруон үтүмэн үп наада. Инньэ гынан, РТ турбалартан бысталаан, маннык «чааскылары» оҥорор табыгастаах буолсу диэн сүбэҕэ кэллибит. Көрүҥ ойууга:
Ити «кулгаахтарыттан» долборук хаптаhыныгар эрийиэххэ сөп, икки ынахха анаан. «Чааскыларга» уу аллараанан ааhар турбаттан киирэр, таhыма чааскыларга биир буоларын туспа баах хааччыйар. Ол баах иhигэр баар устугас лаппыныак уу кыраанын аhан-сабан уу таhымын биир кэлим тутар.
Хотон үлэтигэр үйэ тухары быhаарыллыбакка кэлбит улахан кыhалҕа баар – төhө да кыhаллан ыраастаа, сүөhү син биир инчэҕэй муостаҕа сытар. Итини туоратарга икки ньымаҕа санаабытын уурдубут.
Бастакы ньыма маннык. Бетон муоста ис өттүнэн ититэр ситим турбатын ыытан баран, инчэҕэй сыстыбат кырааскатынан соттоххо, муоста куруук кураанах турар буолуон сөп. Иккис ньымаҕа сүөhү хойуутун уонна убаҕаhын муостаҕа тириэрдибэккэ, түһэн истэҕинэ, иhиккэ тоhуйан ылар манипулятар роботу оҥоруохха сөп. Көрүҥ ойууга:
Бу робот сүөhү кутуругун төрдүн диэки аллараа иилиллэр, кыhыл өҥүнэн чопчу тыгар сардаҥанан сирдэтэн үлэлиир. Ынах наадатын толунаары кутуругун өрө көтөхтөҕүнэ, ол кыһыл сардаҥа муостаҕа диэри туруору соҕус тыгар. Биир робот эркиҥҥэ саайыллыбыт ыллык тимир устун сүүрэлээн, баайыллан турар түөрт-биэс сүөhүнү хааччыйыан сөп. Аны сүөhүгэ кэмэ кэллэҕинэ, робот тарбаан дуу, илбийэн дуу, иhиккэ тахсан киллэриэн эмиэ сөп. Итини ынах сүөһү физиологиятын оскуола саастаах оҕолор дьарык оҥостон кэтээн көрөн үөрэтиэхтэрин сөп этэ.
Билигин уопсай үөрэхтээһин орто оскуолаларыгар оҕолорго робот тиэхиньикэтин үөрэтэр, ону-маны толкуйдатан оҥорторор дьарыктар сайдан эрэллэрэ биллэр. Оннук куруһуоктара дьарыктанар үөрэнээччилэр бастаан ити робот мадьыалын оҥорон, киниэхэ бырагыраама айан үлэлэтиэхтэрин сөп. Салгыы ким сэҥээрбит түмсэн, сүбэлэһэн, маннык манипулятар роботу олоххо киллэрэн кэбиһэр кыахтаахтар. Оччоҕуна Саха сиригэр сүөһү иитиитин сайдыытыгар төһөлөөх инники хардыы оҥоһуллуо этэй? Тыйыс тымныылаах хотугу дойдуга тоҕус ый устата хотоҥҥо баайыллан турар сүөһүнү көрүү-истии сүрүн түбүгэ уонна саамай сэниэни эһэр үлэтэ сүөhү хойуутун уонна убаҕаhын дьаһайыы эбээт.
Кэпсэтиибит кэнниттэн устудьуонум сирэйигэр-хараҕар сүөһү иитиитигэр баар кыһалҕалары туоратыһарга син туох эмит тобуллан, быһаарыллан хаалыан сөп эбит диэн эрэл кыыма саҕылынна. Бэйэм да онтон бэркэ эрдийэн, иитийэхтээн сылдьыбыт санааларбын эһиэхэ билиһиннэрдим.
Михаил Иванов, СГТХА дассыана, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru анаан