65 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа Орто Халыматтан сылдьар Виктор Рассадин бастакы эргииргэ тустубатаҕа. Кини финалга 10:2 ахсааҥҥа Хассанали Гиази Чек кыайан, Арассыыйа хамаандатыгар биир кыайыылаах очукуону аҕалла.
— Виктор, хайдах туһуннум дии санаатыҥ?
— Бастакы эргииргэ тустубатаҕым, онтон олус хомойбутум. Кэлин финалга күрэхтэһэҕин диэбиттэригэр олус үөрбүтүм. Арассыыйа чиэһин бэйэм дойдубар көмүскүүрбүттэн олус долгуйбутум. Ол эрээри, бастыҥмын дакаастаатым.
— Иранец кыаҕын хайдах сыаналыаҥ этэй?
— Хас биирдии кыайыы судургута суохтук кэлэр. Хассанали Гиази Чек мин ыйааһыммар биир күүстээх тустуук буолар. Кинини дьонум-сэргэм ортотугар кыайбыппыттан олус үөрдүм.
— Мустубут дьон ыһыыта-хаһыыта көмөлөстөҕө аҕай буолуо.
— Тустар кэммэр тастан ыһыыга-хаһыыга болҕомто уурбаппын. Дьарыкка бэлэмнэнэн киирэрим курдук оҥостон туһуннум. Этэҥҥэ тустуохтаахпын, барыта табыллыахтаах диэн эрдэттэн санаабын күүскэ көтөхпүтүм көмөлөстө. Ыалдьааччыларбар, миигин куруук өйүүр дьоҥҥо уонна төрөөбүт Орто Халымам олохтоохторугар махтанабын. Кыайыыбын сахам норуотугар аныыбын. Тустарым тухары бачча элбэх киһи тоҕуоруһа мустубутун бастакыбын көрдүм. Дьон оннооҕор кирилиэскэ олорбуттара. Арассыыйа хамаандатын тустууктара ыалдьааччылартан өйөбүлү биллибит, кыайыы кэлэригэр көмөлөстүлэр диэн билинэллэр, махтаналлар.
Айтана Аммосова, edersaas.ru