Раиса Тарасова-Күндүүнэ: Ийэбэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саныыбын чуумпуга олорон,

Эн хара хараххын, эн сылаас мичээргин.

Сүүрэ-көтө сылдьаҥҥын,

Биирдэ суох буолбуккун.

***

Ийэкээм, кэлиий дуу эн миэхэ,

Ийэкээм, көстүүй дуу эн миэхэ,

Саатар биирдэ кыратык,

Дууһабын уоскутууй чараастык.

***

 Олорон ааспыт олоххор

Ииппитин кэрэҕэ, үтүөҕэ.

Сэттиэбитин дьоллоотуҥ,

Атахпытыгар туруордуҥ.

***

Ийэкээм, истиий дуу чуумпуга

Ыраахтан дуорайар ырыаны.

Ийэкээм, үөрүүй дуу халлааҥҥа,

Оҕолор дьоллорун туһуттан.

***

Сайыһа хаалабыт эйигин,

Бу күн сирин үрдүгэр.

Саныахпыт эйигин мэлдьитин

Бу халлааммыт анныгар.

***

Ийэкээм, уоскуй дуу онно

Чуумпуга, ыраахха, халлааҥҥа…

Ийэкээм, истиий дуу онно

Ыраахтан дуорайар ырыаны.

Раиса Тарасова-Күндүүнэ, Дьокуускай куорат

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0