Кэнники кэмҥэ сылтан сыл аайы доруобуйа харыстабылын саҥа эбийиэктэрэ үлэҕэ киллэриллэллэр. Былырыын Перинатальнай киин, улуустарга түөрт биэлсэр-акушер пууна уо.д.а. ааннарын арыйбыттара. Ааһан эрэр сыл бүтэһик күннэригэр өссө биир күүтүүлээх эбийиэк — искэни эмтиир өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансер радиологияҕа отделениета аһылынна.
edersaas.ru
Отделение үөрүүлээх аһыллыытыгар СӨ Ил Дархана Айсен Николаев, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр федеральнай инспектор Александр Третейников, СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова, РФ үтүөлээх бырааһа Иван Местников, СӨ бырабыыталыстыбатын чилиэннэрэ, Ил Түмэн дьокутааттара, тутааччылар кытыннылар.
Радиология отделениетын олохтоохтук өрөмүөннээһин, саҥардыы үлэтэ 2016 сылтан саҕаламмыта. Ыарыһахтарга табыгастаах усулуобуйаны тэрийэн, киэҥ-куоҥ балааталар, сынньанар хостор, остолобуой баар буоллулар.
Саҥардыллыбыт дьиэҕэ радиология 30 куойкалаах отделениета, сардаҥа диагностикатын, медицинскэй физика уонна радиация куттала суох буолуутун отделениелара үлэлиэхтэрэ. Отделениеларга аныгы эмтиир тэриллэр, ыарыыны быһаарар аппараттар ылылыннылар.
“Бу дьиэ хас да сыллааҕыта хайдах туруктаах турбутун бары өйдүүбүт. Онтон билигин өрөмүөннэммит буолбакка, сабыс-саҥа дьиэлэннибит. Онон, биһиги ыарыһахтарбыт 2019 сылтан радиологияҕа үрдүк таһымнаах эмтэниинэн өрөспүүбүлүкэҕэ бэйэтигэр хааччыллыахтара”, — диэн СӨ Ил Дархана Айсен Николаев эмтэнии хаачыстыбата саҥа таһымҥа тахсыаҕын бэлиэтээтэ.
Бу күн “СӨ доруобуйа харыстабылын үтүөлээх үлэһитэ” үрдүк ааты ылбыт диспансер кылаабынай бырааһа Лена Афанасьева хирургия корпуһун саҥа иккис дьиэтэ тутулларыгар, Искэни эмтиир диспансер иккис уочарата үлэҕэ киирэригэр эрэнэрин биллэрдэ. Манна даҕатан эттэххэ, онкодиспансер иккис уочарата өрөспүүбүлүкэ суотугар тутуллар, онтон 2020 сылтан тутуу федеральнай таһымҥа ыытылларыгар эрэл баар. Тоҕо диэтэххэ, онкологияны утары охсуһуу дойду сайдыытын стратегическай докумуоннарыгар киллэриллэн, РФ Президенин Владимир Путин улахан болҕомтотугар сылдьар.
Лена Афанасьева үөрэ-көтө бэлиэтээбитинэн, радиология отделениетын исписэлиистэрэ Москваҕа Н.Н.Блохин аатынан онкология национальнай медицинскэй чинчийэр киинигэр уонна профессиональнай үөрэхтээһин Арассыыйатааҕы медицинскэй академиятыгар үөрэннилэр.
Онкология диспансерын үлэһиттэрин бу үөрүүлээх күннэринэн 1970-0981 сылларга искэни утары охсуһар диспансер кылаабынай бырааһынан уонна 1984-1990 сылларга СӨ доруобуйа харыстабылын миниистиринэн үлэлээбит РФ үтүөлээх бырааһа Иван Местников эҕэрдэлээтэ.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru