РФ Куттал суох буолуутун федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын оперативниктара радикальнай ислам идеологиятын тарҕатар модераторы туттулар.
Управление пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, 1996 сыллаах төрүөх, Киргизияттан төрүттээх киһи Саха сиригэр кэлэн, РФ сиригэр-уотугар бобуулаах «Джебхат ан-Нусра» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы террористическай тэрилтэ интэриэһигэр дьону кучуйуунан-сутуйуунан («вербовка») анаан дьарыктаммыт.
Маныаха кини социальнай ситимнэри туһаммыт, джихад идеологиятын тарҕатар исламскай тосхоллоох интэриниэт-бөлөххө киирбит. «Невернайдары» утары «ыраас ислам» туһугар сэптээх-сэбилэниилээх охсуһар санаата күүһүрэн, интэриниэккэ баар тус страницатыгар Сирияҕа террористар дьайыыларын өйүүр матырыйааллары бэчээттээн киирэн барбыт.
Маныаха ол матырыйааллары көрөллөрө-ааҕаллара, тарҕаталлара көҥүллэнэр дьон ахсаанын хааччахтаабыт.
РФ Куттал суох буолуутун федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын Силиэстийэлиир салаата бу гражданиҥҥа РФ Холуобунай кодексатын 205.2-с ыст. 1 чааһынан холуобунай дьыала тэрийбит. Ол эбэтэр, терроризмы пропагандалааһын, террористическай дьайыылары оҥорууга, өйүүргэ ыҥырыы бэлиэтэ баарынан.
Уорбаланааччы силиэстийэлиир изоляторга хаайыллыбыт.
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.