Өрүһү туоруур суоллар аһыллыыларыгар уларыйыылар киирдилэр

Бөлөххө киир:

«Бүлүү» федеральнай суолун управлениета иһитиннэрбитинэн, өрүһүнэн туоруур сирдэринэн айан-сырыы аһыллыытын графигар уларыйыылар киирдилэр.

edersaas.ru

Ол курдук, муус халыҥыы илик буолан, Бүлүү өрүһү Үөһээ Бүлүү, Күндээдэ, Устье таһынан  туорааһын сэтинньи 27 күнүттэн көҥүллэниэҕэ. Ону даҕаны 4 туоннаҕа диэри уйуктаах тиэхиньикэҕэ.

Онтон  Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысхатынан Өлүөнэ өрүһү туорааһын 2021 сылга тохсунньу 5 күнүттэн көҥүллэниэҕэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0