Бүлүү өрүһүнэн 10 туоннаҕа диэри сырыы көҥүллэннэ (КЫРААПЫК)

11.12.2017
Бөлөххө киир:

Кыһыҥҥы суол аһыллыбыта эрээри, өрүһү туоруур сорох сирдэргэ массыыналар сырыылара көҥүллэнэ илик.

edersaas.ru

«Бүлүү» федеральнай суол управлениета иһитиннэрбитинэн, ахсынньы 8 күнүттэн Бүлүү уонна Марха өрүһү туоруур сирдэринэн 10 туоннаҕа диэри уйуктаах массыыналарга айан-сырыы көҥүллэннэ.

Оттон Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысхатынан кыһыҥҥы суол 2018 сылга тохсунньу 5 күнүттэн аһыллыахтаах.

Cуол аһыллыытын кыраапыга (ыйааһыннарынан):

№ п/п Өрүһү туорааһын 4 туоннаҕа диэри 10 туоннаҕа диэри 20 туоннаҕа диэри 30 туоннаҕа диэри 40 туоннаҕа диэри
1 Үөһээ Бүлүү (660 км) 24.11.17 08.12.17 25.12.17 15.01.18 20.01.18
2 Дьаархан (752 км) 24.11.17 08.12.17 25.12.17 15.01.18 20.01.18
3 Күндээдэ (807 км) 24.11.17 08.12.17 25.12.17 15.01.18 20.01.18
4 Устье (956 км) 05.12.17 10.12.17 25.12.17 15.01.18 20.01.18
5 Кириэстээх (1049 км) 10.12.17 15.12.17 25.12.17 15.01.18 20.01.18
 

6

Өлүөнэ (Дьокуускай – Аллараа Бэстээх) 05.01.18 13.01.18 20.01.18  

05.02.18

 

Анивера Акимова, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0