Өрүһү туоруур ҮС СУОЛ

01.11.2017
Бөлөххө киир:

«Саас, күһүн суол сабыллыытыгар илин эҥэрдэр дьиэлэригэр олорбокко, тоҕо күүлэйдээн тахсаллар. Аҕыйах күн тулуйар кыахтара суох. Наар кинилэр суолларын айдаана. Атын кыһалҕа суоҕар дылы», – диэн оптуобуска икки дьахтар ыһа-тоҕо кэпсэтэ олороллорун аҕыйах хонуктааҕыта истэн турардаахпын. Онон, бу сырыыга Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысханан айан-сырыы туһунан суруйарга сананным.

Атыны талар кыахтара суох

Көрү-нары, күүлэйи батыһан бу суол хаайыытын саҕана айаннаабатахтара чахчы. Ким эрэ суһаллык балыыһаҕа көрдөрө Дьокуускайга киирэр, сорохтор үлэлэринэн, тус кыһалҕаларынан куоракка тиэстэллэригэр тиийэллэр. Илин эҥэр улуустарын олохтоохторо эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэ дьоно-сэргэтэ Өлүөнэни туоруур муостаны туруорсубуттара ыраатта. Хомойуох иһин, бу сытыы боппуруос биир күнүнэн быһаарыллыбат. Үбэ-харчыта, ороскуота элбэҕин таһынан, биһиги тыйыс усулуобуйабытыгар табыгастаах бырайыагы оҥоруу эмиэ туспа төбө ыарыытын үөскэтэр. Арай, бу күннэргэ Ил Дархан Егор Борисов дойду премьер-миниистирэ Дмитрий Медведеви кытары анаан-минээн бу боппуруоһунан Кытайга көтөллөр. Кытайдар биһиэхэ муоста тутуохтарын баҕаралларын туһунан эппиттэрэ ыраатта. Өссө хайа эрэ хампаанньа сөбүлэҥин биэрбиттээҕэ. Чэ, ити, итинэн хааллын. Тирээн турар кыһалҕаҕа төннүөххэ.

  1. «Көмүскэ» тэҥнээх  паромнар

Өлүөнэҕэ гидрологическай балаһыанньа кытаатан, алтынньы 29 күнүт­тэн чааһынай судоходнай хампаанньалар аны сааска диэри үлэлэрин тохтоттулар. Урукку сыллардааҕар өссө уһуннук, эриһэн туран хойуккааҥҥа диэри үлэлээбиттэригэр махтаныах тустаахпыт. Билигин «Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходство» ААУо бааржата Дьокуускай – Төхтүр хайысхатынан сылдьан эрэр. Бааржаны мууһу хайытар суудуна арыаллыыр буолан, күҥҥэ биир-икки рейс эрэ оҥоһуллар. Онон «көмүскэ» тэҥнээх рейстэр да диэтэхпитинэ алҕаһаабаппыт буолуо. Ыраах айаннааччылар, таһаҕаһы тиэйэр суоппардар уонна биирдиилээн чааһынай дьон паром өҥөтүнэн туһаналлар.

  1. Бөртөлүөттэр биир да рейси оҥоро иликтэр

«Полярные авиалинии» АХ алтынньы 19 күнүттэн Маҕан – Манньыаттаах (Аллараа Бэстээх) – Маҕан хайысхатынан бөртөлүөтүнэн дьону таһыахтаахтарын туһунан иһитиннэрбитэ. Ол эрээри күн бүгүнүгэр диэри биир да рейс оҥоһулла илик. Хампаанньа хаассатыгар эрийэ сылдьыбыппар, биир-икки киһи туһугар бөртөлүөтү көтүппэттэрин туһунан эттилэр. Сөп ээ. Биир киһи туһугар ночоокко тэбиллэн туран тоҕо көтүтүөхтэрэй. Арааһа, айаннааччылары көтөр аал сыаната чаҕыттаҕа. Аҕыйах мүнүүтэлээх көтүү иһин 4000 солк. көрдүүллэр. Муҥ саатар, 2000 солк. эбитэ буоллар, дьон айанныа этэ. Иккиһинэн, Маҕаҥҥа айанныырга эмиэ харчы наада. Төгүрүччү ороскуот.

Бу саас туһааннаах хампаанньа «Хивустаах» урбаанньыттар собостуопкалаабыттарыгар биирдэ көтөр аалларын рейскэ таһаарбыта. Бу да сырыыга, ыксаллаах быһыы-майгы тирээтэҕинэ пассажирдары таһаллара буолуо.

Онон, нөҥүө кытылы буларга бу иккис суолунан буолар.

  1. Үһүс суол – «Хивус»

Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысхатынан пассажирдары 1000 солк. таһыахтаах урбаанньыты айанньыттар кэтэспиттэрэ хаһыс да күнүгэр барда. Төрүт сүттэ. Борис Строев биригээдэтиттэн куттаннаҕа дуу?

Бу саас СӨ Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтэ сымнаҕас сыттыктаах суудуналарга, судургутук эттэххэ, «Ирбискэ» сыананы 1000 солк. олохтообута. Ол эрээри урбаанньыттар бу тарыыбы утаран, билигин номнуо сыаналарын 2000 солк. диэри үрдэттилэр. Урбаанньыт Борис Строев этэринэн, өрүскэ балаһыанньа кытаатан, пассажирдары арыыга диэри «Хивус» суудунанан, салгыы аэроботунан таһаллар. Онон, ороскуот улааппытын этэр. Баҕар, судаарыстыбаттан салгын тырааныспарыгар курдук субсидия көрүллэрэ буоллар, сыананы хонтуруолга ылыа этилэр.

Быйыл күһүн СӨ Тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ сааскы уонна күһүҥҥү өттүгэр пассажирдары бигэргэтиллибит сыананан таһыыга «Лена-транс» диэн тэрилтэлээх урбаанньыты булбуттарын туһунан иһитиннэрбитэ.

СӨ тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтин уу суолун тырааныспарын салаатын начаалынньыга Семен Коркин этэринэн, туһааннаах урбаанньыт билигин Өрүс регистриттэн докумуоннарын хомуйа сылдьар. Докумуонун барытын ситистэҕинэ Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысхатынан үлэлии тахсыахтаах. Тырааныспар министиэристибэтэ эрэннэрбит удамыр сыаналаах суудунатын илин эҥэр олохтоохторо кэтэспит­тэрэ хаһыс да хонугар барда. Онон «Лена-транс» ХЭУо салайааччыта Владимир Теҕэ сибээскэ тахса сылдьыбыппар, бу нэдиэлэҕэ рейскэ тахсыахтааҕын туһунан иһитиннэрдэ.

Чааһынай паромнар сырыылара тохтоон, билигин өрүскэ тыҥааһыннаах балаһыанньа үөскээтэ. «Хивус» суудуналар сыаналарын өссө үрдэппэтэхтэринэ, улахан араллаан тахсыа суоҕа. Ол эрээри урбаанньыт хараҕар харчы кыбылыннаҕына, хартыына уларыйыан сөп.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0