Өрүһү туоруур кыһыҥҥы суол хаһан аһыллыаҕай?

Бөлөххө киир:

«Бүлүү» суолун управлениета өрүһү туоруур кыһыҥҥы суоллары аһыы болдьоҕун туһунан иһитиннэрдэ.

edersaas.ru

Билигин номнуо суолу оҥорооччулар өрүскэ киирии суоллары оҥорон эрэллэр. Анал бэлиэлэр туруорулуннулар, дьуһуурунай постар үлэлээтилэр.

«Бүлүү» федеральнай суолугар Бүлүү өрүһү туорааһын, 4 туоннаҕа диэри уйуктаах массыыналарга сэтинньи бүтүүтэ көҥүллэниэҕэ. Ол курдук:

— 660 км (Үөһээ Бүлүү) – сэтинньи 23 күнүттэн,  2020 сыл.

— 807 км (Күндээдэ) – сэтинньи  25 күнүттэн,  2020 сыл.

— 956 км (Устье) – ахсынньы 5 күнүттэн, 2020 сыл.

— 1049 км (Кириэстээх) – ахсынньы  10 күнүттэн, 2020 сыл.

«Халыма» суолугар 10 туоннаҕа диэри:

Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысхатынан айан-сырыы 2021 сыл тохсунньу 5 күнүттэн көҥүллэниэҕэ.

— Алдан өрүһү Хаандыга — Мэҥэ Алдан хайысхатынан туорааһын ахсынньы 14 күнүттэн аһыллыаҕа.

Халлаан туругуттан көрөн графикка уларыйыы киириэн сөп диэн «Бүлүү» суолун управлениета иһитиннэрдэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0