Үөһээ Үрдүк Айыылартан көрдөһөн алгыс сиэрин ыытыы урааҥхай омук баар суох сүдү итэҕэлэ буоллаҕа. Түҥ былыргы сахтан алгыска тиксээри ыраахтан-чугастан айаннаан Үрүҥ Тунах ыһыахха тоҕуоруйан кэлэрбит туһунан билэбит.
Үс Хатыҥ уйгулаах ыһыаҕар сылтан сыл Уйбаан Баһылайап-Алгыс Уйбаан оҥорор сиэрин-туомун, тылын өһүн, көрдөһүүтүн, мэҥэ халлааҥҥа көтүтэрин, онно Үөһээ Үрдүк айыылар ылынан үтүөнү, уйгуну ыыталларын ытыспытыгар түһэрэн, хара быарбытыгар иҥэрэ тутабыт. Ол дьикти түгэҥҥэ халлаан чараас былыттаах буолааччы, сорох сыл итир былыттар тардыллан турааччылар. Алгыс сиэрин ортолуу айаныгар үөһэ көрдөххө, халлаан оройбут чопчу үрдүттэн арыый аһыллан эрэр буолар уонна сыыйа арыллан, былыттар түөрт саҕахха күрэнэн хаалалларын сылтан-сыл бэлиэтии көрөбүн. Алгыс күүһэ Үрдүк Айыыларга тиийэн, кинилэр Орто Дойдуга ыытар үтүө дьайыылара итинтэн көстөр. Күн чаҕылыччы тыган, тыынар тыыннаах барыта сэргиир, үөрэр, дьоллонор туруга илэ чахчы үөскүүр ээ, ити кэмҥэ. Ону биһиги хайдах ылынабыт, төһө билинэбит, анаарабыт, долоҕойбутугар түһэрэбит, нохтолоох тойон сүрэхпитигэр киллэрэбит, хара быарбытыгар хатыыбыт? Алгыс ыла олорон кэннигин хайыһан көрбүтүҥ, атыы-тутуу эрээттэрин кэрийэ сүүһүнэн киһи хаама сылдьар буолар. Алгыс кэмигэр… Бу туох ааттаах бүтэй дьонуй? Биирдэ да истибэтэх муҥнара дуу, ыһыах сүрүн соруга алгыска тиксии буоларын? Былыр оннооҕор сорох сахалар алгыс ылаары түҥ ыраахтан айаннаан кэлэн, алгыһы истэн-иҥэринэн баран төттөрү айанныылларын туһунан аахтым ээ. Дьэ, ити. Алгыс түһэрин суолталаабат, ыһыах хонуутун биир гына хаамса сылдьар дьону хайдах тохтото түһүөххэ сөбө буолла? Бу хаһан да маҕаһыыҥҥа сылдьыбатах курдук, атыыны кэрийэ, хаһан да аһаабатах курдук хорчуопканы маныы олорооччулар өйдүө да эбиттэр, сылга биирдэ буолар улахан алгыска тиксии, болҕойуу хас биирдиибитигэр суолтатын, дьиктитин, туһатын. Түрүбүүнэҕэ баппатыбыт диэхтэрин, улахан экраҥҥа барыта көстө, иһиллэ турар ээ, ону болҕойо күөх кырыска олорооччу баһаам буолар уонна ол олорооччулар былыргылыы хата ордук чугастык ылынар, иҥэринэр буолуохтарын сөп.
Үс Хатыҥҥа Үрүҥ Тунах ыһыах икки сыл ыһыллыбата, бары да суохтаатыбыт-туоххаһыйдыбыт. Быйылгы буолаары турар ыһыахха бука бары алгыска тиксиэҕиҥ, истэн иҥэриниэҕиҥ, сиэри-туому тутуһуоҕуҥ. Аан дойдуга буола турар алдьархайдар тумуннуннар, уҕараатыннар, хампа күөх тыабыт умайара тохтоотун, үөйбэтэх өттүбүтүттэн кимэн киирэр дьаҥ-дьаһах дьалбарыйдын! Барыта үүт-тураан, эриэ-дэхси, уйгу-быйаҥ буоларын туһугар алгыһы ылынар, болҕойор буолуоҕуҥ. Туску!
Аны кылгастык салама туһунан этэн ааһыахха. Быйыл салама уһунун өрөн Гиннесс рекордугар киириэххэ дэстибит курдук. Ол төһө сөптөөх дьаһаныы эбитэ буолла? Майаҕа, арааһа, Олоҥхо ыһыаҕын иннинээҕи кэмпириэнсийэҕэ быһыылааҕа, суруналыыс – «Кыым» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Уйбаан Хабырыллайап «саламаны уһуннук өрөн Гиннесс рекордугар киириэххэ» диэн этиитин сөбүлээбэккэ күүгүнэһэ түспүппүт баара. Быйыл кэлэн санаа уларыйан, «ылсыахха, өрүөххэ, киллэриэххэ, аатырыахха» дэстибит быһыылаах. Инньэ гынан, салама туһунан кэпсэтиилэр тахсан эрэллэр. Саха араадьыйатыгар иһиттим, хаһыаттарга аахтым. Санаа араас буолла. Эриэн ситиини утарааччы көһүннэ, маҥан эрэ кылтан-сиэлтэн өрүллэр диэн. Туох маска ыйанара эмиэ араастаста, биир уһуга сиргэ тиийэрэ тиийбэтэ, онтон да атын ис хоһооннооҕо этиллэр эбит. Чопчу билээччи, ыйааччы-кэрдээччи баар буоллаҕына сатаныыһы дуу?
Төрүт култуура педагога Наталья МОРДОВСКАЯ-Уйан Кут.
Хаартыска: СИАтан.