Өрүүтүн махтана сылдьабын

06.08.2020
Бөлөххө киир:

Биирдэ кэлэн ааһар олохпор, умнуллубаттыы көрсүбүт уонна махталынан эрэ ахтар түгэннэрим бааллар. Олортон биирдэринэн, миэхэ, Иван Ивановтуун, кэлин Уйбаан Ороһуунускайынан ааттаммыт поэттыын көрсүһүүм буолар.

edersaas.ru, П.Н.Харитонов-Ойуку

Ол аан бастаан, билиҥҥитэ Хаҥалас улууһун Булгунньахтаах орто оскуолатын бүтэрбитим биэс сыла ааспытын кэнниттэн: холкуоска биир сыл үлэлээн, үс сыл аармыйаҕа сулууспалаан, дойдубар эргиллэн биир сыл үөрэммит оскуолабар хачыгаардаан бараммын Дьокуускай куоракка үрдүк үөрэххэ бастакы туттарсар кэммэр этэ. Оччолорго кинини Иван Ивановунан ааттыыллара.

Үөһээ Бүлүү орто оскуолатын бүтэрбит, орто уҥуохтаах, хара бараан бэйэлээх, бэйэтин саастыылаахтарын ортотугар эрдэ сиппит-хоппут, боччумнаах уонна дьоһун уол миигин хара ааныттан билбитэ-көрбүтэ элбэҕинэн сөхтөрбүтэ. Консультация биэрэр преподавателлэрин кытары тэҥҥэ холкутук кэпсэтэрэ, эбиитигэр барыларын кытары кэтэхтэн эрдэттэн билсэр быһыылаах эбит. Эн мин дэһэн кэпсэтэллэр. Үөһээ Бүлүү уонна Ньурба оскуолатын бүтэрбит оҕолор кинини Уйбаан диэн дьоһуннук ааттыыллар. Кини өссө үөһэ кылаастарга үөрэнэ сылдьан төрөөбүт кыраайын историятын, улууһун топонимикатын дьаныһан туран үөрэппит уонна ол туһунан оройуон, өрөспүүбүлүкэ уонна киин сирдэр хаһыаттарыгар тэттик ыстатыйалары суруйталыыр эбит. Онтун барытын тиһэ сылдьар. Бэйэтиттэн түөрт сыл аҕа киһиэхэ, этиини ырытарынан, быһаарарынан миэхэ бэйэтэ учуутал тэҥэ көстүбүтэ.

Төгүрүк тулаайах уол оскуоланы саҥа бүтэрэн үрдүк үөрэххэ туттарса кэлбитэ. Бу оҕолор саха тылыгар билиилэрэ бу чобуотун, дэлэгэйин. Бэйэлэригэр эрэллээх оҕолор сирэйдэрэ-харахтара мэлдьи сэргэх буолар. Мин көрсүбүт саҥа доҕотторум бары хайаан да туттарсан үөрэххэ киирэр санаалаахтар.

Көр эрэ, ити кыыс бэртээхэй хоһооннордоох. Киниттэн хайаан да бэйиэт бэрдэ тахсыаҕа – диир. Ол аата Варя Потапова туһунан этэр.

Уйбаан ити кэнниттэн мин диэки көрөн туран күлэн мүчүйэр…

Оттон эн туохтааххыный?

Туох эрэ баҕа санаалаах буоламмын туттарса кэлбиппин эрдэттэн быһа эппититтэн симиттэммин, билинэрбэр эрэ тиийдим. Илиибинэн суруйбут халыҥ тэтэрээттээҕим. Этиини саҥа чаастарынан сатаан ырыппат буруйбун тугунан эрэ толунаары ол ойуулаах-бичиктээх оскуолаҕа уонна сулууспалыы сылдьан, тымныы хачыгааркаҕа олорон суруйталаабыт хоһооннордооҕум.

Көрдөр эрэ, сарсын аҕалан биэриэҕим – диэтэ.

Ким тугун-ханныгын, уйаны-хатаны биллэрэр күннэрэ тирээн кэллэ. Бастакы холонуу, өйтөн суруйуу, үчүгэйдик аастым. Аны литература уонна тылынан этиини ырытыы. Литератураны эмиэ аастым. Тылынан ырытыыга “неуд” буоллум. Көтөн хааллым.

Уйбаан саҕа кыһыйбыт киһи суоҕа.

— Бэйэм эбитим буоллар, ити хоһоонноруҥ да иһин, эйигин быһа ылыам этэ – саҥа аллайда. Тэтэрээтиҥ ханнаный, киирэн кэпсэтэбин дуо? – диэмэхтээтэ.

Ити кэнниттэн учууталлары бэлэмниир Намнааҕы художественнай училищеҕа туттарсан киирдим. Ол эһиилигэр Уйбааны аны Намҥа көрүстүм. Кини бу сырыыга Максим Аммосовка научнай матырыйаал хомуйа сылдьар эбит. Бу иннинэ Киргиистэр Киин Кэмитиэттэрин бастакы салайааччыта Аммосов бүтэһик сылларыгар олорбут, кинилиин бииргэ үлэлээбит дьоннорун кытары көрсөн, кэпсэтэн кэлбитин уонна Чингиз Айтматовы кытары көрсүбүтүн сэһэргээтэ. Барыта олох остуоруйа кэриэтэ! Билиитэ-көрүүтэ өссө кэҥээбит, сайдыбыт аҕай. Тыла-өһө сааһыламмыта, кэпсиирэ олох уу сахалыы, бу үчүгэйин.

Уйбаанныын үсүһүн 1971 сыллаахха көрсүбүппүт. Ити кэмҥэ мин Покровскай орто оскуолатыгар үөрэнээччилэри черчение уонна уруһууй предметтэригэр икки сыл үөрэппитим. Оҕолорум оройуоҥҥа күрэхтэһиигэ иккис миэстэҕэ тахсыбыттара. Бастакы миэстэҕэ Булгунньахтаах оскуолатын учуутала Христофоров Петр Ильич сылдьара. Ити предметтэри биэрэр учууталлар оскуолаҕа көлүүр оҕуһун курдук үлэлииллэрэ. Хас бырааһынньык, тэрээһин, биирдиилээн учууталлар аһаҕас уруоктарын көрдөрөр уонна көмө матырыйааллара уруһуй учууталын үрдүнэн ааһара. Ол кыһалҕатын эппинэн-хааммынан элбэхтик билбитим. Маны таһынан оскуола иһин-таһын киэргэтии, тупсарыы барыта эн үрдүгүнэн ааһара.

Мин хайаан да мантан босхолонорго быһаарыммытым уонна саха тылын уонна литературатын факультетыгар туттарсарга санаммытым. Аны туран директорым Яковлев Иван Михайлович туох да иһин характеристика суруйбат. Дьолго сааскы кус саҕана бултуу баран хаалла. Оннугар Кривых Ангелина Васильевна солбуйа хаалла. Кини туох да моһуога суох наадалаах кумааҕыбын суруйа охсон биэрдэ.

Оскуолаҕа бииргэ үөрэммит оҕолорум үксүлэрэ үрдүк үөрэхтээхтэр. Үөрэниэх баҕам баһыйа турар. Туттарсар күммэр аны хойутаан хааллым. Экзаменнары туттарыы киин корпуска буолуохтааҕа. Онно тиийбиппэр аны киирэр ааннарын туора быһа остуолга хас да докумуон бэрибиэркэлээччи оҕолору олордубуттар. Ханнык эрэ кумааҕым суох буолан биэрдэ. Туох иһин ыыппаттар. Экзамен саҕаланара аҕыйах мүнүүтэ хаалла! Ыгылыйдым аҕай… Арай мин иннибэр Уйбаан мүчүйэ турар эбит. Үөрэхтэрин бүтэрэннэр банкеттаары сүүрэ-көтө сылдьаллар эбит. Туохха моһуогурбуппун кэпсээбиппэр оҕолору тарыйталаан кэбистэ уонна үһүс этээскэ таҕыс диэтэ.

Сүүрэн тахсаммын туттарсар хоспун көрдөөммүн булбатым. Үөрэх дьыла түмүктэнэн көрүдүөргэ ким да көстүбэт. Баҕар Уйбааны көрсүөм диэммин аллараа сүүрэн түстүм. Дьолго, хата, кини хантан эрэ субу тиийэн кэллэ.

Илиибиттэн хабан ылла даҕаны үөһэ этээскэ элээрдэн таһааран аудитория аанын аһа баттаан баран иһирдьэ анньан кэбистэ. Мин махтаммакка да хааллым. Өйтөн суруйууларын саҕалаабыттар. Консультацияҕа хаста да көрсүбүт преподавателбит Окороков Гаврил Гаврилович:

-Ханна сылдьаҕын, тоҕо хойутаатыҥ, ол аайы иккиһин-үсүһүн быһаара барбаппын. Итинтэн биир теманы талан ыл да, суруйбутунан бар! – кыыһыран мөҕөн барда…

Оскуола кэнниттэн уон сыл буолан бараммын ити курдук үрдүк үөрэх аанын арыйбытым. Онуоха доҕорбор Иван Еремеевич Ороһуунускайга махталым муҥура суох. Иван Еремеевич Покровскайга кэллэр эрэ биһини быһа ааспат буолара. Игорь Никифоров, Альбина Аргунова уонна мин буоламмыт элбэҕи кэпсэтэрбит, эдэр сааспытын санаһан күлэр-үөрэр буоларбыт. Уйбаан кыргыттарын Гуннара, Тюркана диэн тоҕо ааттаталаабыта кытары ити айар куттаах, ырааҕы ырыҥалаан көрөр бэлиэтэ буоларын бэйэм эмиэ бэркэ өйдүүбүн.

Россия уонна Саха Республикатын суруйааччыларын, суруналыыстарын чилиэнэ, ырыанньык-поэт, Россия географическай обществатын чилиэнэ, норуот эмчиттэрин академига, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо Иван Еремеевич Ороһуунускай бу күннэргэ 75 сааһын туолла.

П.Н.Харитонов-Ойуку, РФ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, народнай суруйааччы.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0