«Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сылгыны үөрдээн иитиини сайыннарыы дьаһалларын» туһунан ыйаах чэрчитинэн быйыл үһүс сылын тэриллэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Сылгыһыт күнэ кулун тутар 21-22 күннэригэр Үөһээ Бүлүүгэ буолуоҕа.
edersaas.ru
Маҥнайгы күн сарсыарда 10 чаастан улуустааҕы култуура дьиэтигэр Саха сиринээҕи Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун, өрөспүүбүлүкэтээҕи Бэтэринээрийэ департаменын уонна “Сахаагроплем” СБТ тэрийиилэринэн сылгыны үөрдээн иитии, племенной уонна эмтиир-сэрэтэр үлэ боппуруостарыгар анаммыт “төгүрүк остуол” ыытыллыаҕа. Ону тэҥинэн, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын дьаарбаҥката, сылгы тэрилин итиэннэ сылгыны үөрдээн иитиигэ анаммыт научнай литература быыстапката буолуоҕа. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ итиэннэ Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтата тэрийбит сылгы иитиитигэр анаммыт сүбэ мунньах тэриллиэҕэ.
Иккис күн бары тэрээһинэ көрөөччүлэргэ кэрэхсэбиллээх, кыттааччыларга күүрээннээх буолуоҕа. Ол курдук, сарсыарда 10 чаастан Төҥүргэстээх ипподромугар племенной сылгылар атыы-быыстапкалара итиэннэ “Сылгыһыт күрэхтэһиитэ” ыытыллыахтара. Түөрт түһүмэхтээх күөн көрсүһүүгэ холоһоору, ким бастыҥын быһаараары ааспыт өрөбүллэргэ үгүс улуустарга ыытыллыбыт күрэхтэһиилэргэ хоппуттар, дойдуларын аатын бу түһүлгэҕэ көмүскүөхтэрэ. Бастаабыттарга бириистэр баһырхайдар: Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ МТЗ-82 тыраахтары туруорда, иккис уонна үһүс миэстэлэр онтон хаалсыбаттар. Инньэ гынан, сүүрбэччэ хамаанда ох курдук оҥостон тиийдэ.
Эбиэттэн киэһэ дьон болҕомтотун ат сүүрүүтэ тардыаҕа. Ыраас хааннаах саха сылгыларын хамаанданан 1600, 2400, 3200 уонна 4800 миэтэрэ ыраахха сүүрдүү буолуоҕа. Манна эмиэ киһи мыыммат бириистэрэ, үлэҕэ-хамнаска туһаныллар тэриллэр туруорулуннулар. Онон күрэхтэһиилэр күүрээннээх буолаллара күүтүллэр.
Раиса СИБИРЯКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru