Бэс ыйын 9 күнүгэр Дьохсоҕон оһуор тыллаах олоҥхоһута «Дарыбыан Дабыыдап уонна «Тойон Ньургун» дьулурҕаннаах суоллара» викторина ыйытыылара тахсыбыттара. Дьохсоҕон нэһилиэгин М.А.Петров аатынан бибилэтиэкэтэ викторинаны иилээн-саҕалаан, тэрийэн ыыппыта. Бу күннэргэ түмүк таҕыста.
Бибилэтиэкэр Галина Другина иһитиннэрбитинэн, дорҕоонноох тойуксут, алгысчыт, дэгиттэр талааннаах олоҥхоһут Дарыбыан Дабыыдап төрөөбүтэ 130 сылын көрсө ыччакка аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи викторинаҕа түөрт улуустан аҕыс эрэ хоруй киирбит.
Сөптөөх хоруйдары биэрэн викторина кыайыылаахтарынан Таатта улууһун Чычымах нэһилиэгин С.Р.Кулачиков-Эллэй аатынан орто оскуола 9 уонна 7 кылаастарын үөрэнээччилэрэ Виктория Пермякова, Александр Николаев буолбуттар.
М.А.Петров аатынан Дьохсоҕон нэһилиэгин библиотеката кыттыбыттарга махталын тиэрдэр уонна инникитин ыччакка ананан ыытыллар викториналарга көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырар.
Викторина хоруйдара:
▪1.Быргый Уйбаан Дьэҥкир Дэлиһиэйдиин ини-биилэр.
▪2.Дьиэбэгэнэ үрэххэ Сыырдаах диэн улахан күөл таһыгар, Өлөҥнөөх төрдүгэр кыстыктанан, отордонон, сайылыктанан олорбуттар.
▪3.Ефросинья Ивановна.
▪4.»Мин чаҕылҕаным» — Клара Илларионовна Тарабукина -Давыдова. Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо, оҕо бырааһа, доруобуйа харыстабылын туйгуна.
▪5.Дарыбыан Дабыыдап 4 оҕолоох (Көстөкүүн, Балбаара, Дуунньа, Клара)
▪6.Р.А.Кулаковскай 1940 с. Дьиэбэгэнэҕэ баар Модьукаан диэн сайылыкка икки ый устата истэн суруйбута.
▪7. Олоҥхо илиинэн суруллуутугар 482 лиистээх, 10317 устуруокалаах.
▪8. Улуу Кыайыы ыһыаҕын 1945 с. Сиэллээххэ алгыһынан арыйбыта.
▪9. 12 куолаһынан.
▪10.Көмүс сылабаар, патефон.
▪11. Үрүҥ Уйантай.
▪12. Ыйыста Хара.
▪13. Дьоһуннуур Куо.
▪14. 5 төгүл уонна тыына кыл саҕаттан салҕанан кыайыылаах тахсара.
▪15. Тойон Ньургун.
▪16. Муус Өндөлү.
▪17. Ыйыста Хара, Муус Өндөлү, Алып Хара, Муус Тумараалдьын.
▪18. Балтын.
▪19. Илларион Федосеев.
▪20. «Саха боотурдара» 2 том, 2003 сыллаахха.