СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх балыыһа кэлэктиибигэр саҥа кылаабынай быраас Ольга Татаринованы билиһиннэрдэ.
СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, Ольга Викторовна Новосибирскайдааҕы Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннаах медицинскэй институту туйгуннук бүтэрбит. 20-тэн тахса сыл медицинскэй ыстаастаах, бу иннинэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа—Суһал медицинскэй көмө киинин кылаабынай бырааһын тэрийэр-медицинскэй үлэҕэ солбуйааччы дуоһунаһыгар сылдьыбыт.
Арассыыйа “Успехи геронтологии” сурунаалын эрэдээксийэлиир кэллиэгийэтин чилиэнэ, РФ доруобуйа харыстабылын туйгуна, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна, 2 монография хас ааптара, наукаҕа 133 бэчээттэммит үлэлээх.
Үлэтин биографията:
2018 сылтан билиҥҥэ диэри – Уһук Илиҥҥэ РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кылаабынай гериатра.
2017 сылтан билиҥҥэ диэри – СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин штаты таһынан кылаабынай гериатр-исписэлииһэ.
1996-2000 сс. – Медицина национальнай киинигэр статистик-быраас, 1997 сыл олунньутуттан тэрийэр-методическай отдел сэбиэдиссэйэ.
200-2019 сс. “Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа—Суһал медицинскэй көмө киинэ” ГБУ кылаабынай бырааһын тэрийэр-методическай үлэҕэ солбуйааччыта.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru