Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа бары отделениелара үлэлэрин сөргүтэллэр

Бөлөххө киир:

Дойдуга пандемия туруоҕуттан ыла Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх суһал мэдиссиинискэй көмө киинэ суһал көмөҕө наадыйааччылары эмтээһинин тохтоппотоҕо.

edersaas.ru

Билигин балыыһа отделениелара бары үлэлииллэр, былаанынан эмтэниэхтээх ыарыһахтары көрүү саҕаланна. Ону сэргэ, төлөбүрдээх өҥөнү оҥорор отделлар эмиэ үлэлэрин чөлүгэр түһэрдилэр.
Санатан эттэххэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһаҕа 7 хайысханан үрдүк технологиялаах мэдиссиинискэй көмө оҥоһуллар.
— абдоминальнай хирургия,
— комбустиология,
— нейрохирургия,
— оториноларингология,
— сүрэх-тымыр хирургията,
— травматология уонна ортопедия,
— сыҥаах-сирэй хирургията.
Аҥаардас бу балыыһаҕа үрдүк технологиялаах көмө 20 көрүҥэ оҥоһуллар. Манна  сыл аайы анал мэдиссиинискэй көмөнү, ол иһигэр үрдүк технологиялаах көмөнү, 14 000 тахса киһи ылар.

Балыыһа аадырыһа:
Дьокуускай к., П. Алексеев уул., 83 «А»
Call-киин: 8 (4112) 507-500
Суһал линия: +79142792242
Балыыһаҕа киирээччилэри көрөр отделение: 43-21-11 677005.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат,  edersaas.ru

Хаартыска: РБ 2 архыыбыттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0