Өрөспүүбүлүкэни тэрийии туһунан: 1922 — 1928 сс.

Ааптар: 
17.04.2022
Бөлөххө киир:

Күндү сахам дьоно!

2022 сыл муус устар 27 күнүгэр Саха АССР төрүттэммитэ сүүс сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиэхпит. Историябытыгар уһулуччу суолталаах күнү көрсө дьон-сэргэ болҕомтотугар, Саха сиригэр сэбиэскэй былаас олохтонуоҕуттан бүгүҥҥү күҥҥэ диэри, өрөспүүбүлүкэбитигэр биир үйэ устатыгар буолбут уонна билиҥҥи быһыыны-майгыны көрдөрөр ыстатыйа циклын са5алыыбыт. Тапталлаах өрөспүүбүлүкэбит чэчирии сайдарын туһугар турууласпыт, кылааттарын киллэрбит бука бары биир дойдулаахтарбытыгар дириҥ махталбытын биллэрэр ытык иэстээхпит. Бүгүн эһиги болҕомтоҕутугар цикл бастакы ыстатыйатын таһаарабыт.

Ытыктабылы кытта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ А.И. Еремеев

Саха сирэ Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин иннинэ

Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин иннинэ Саха сирэ Арассыыйа империятын – император баһылыктаах нэһилиэстибэнэн бэриллэр монархиялаах унитарнай судаарыстыба – национальнай уһук сытар дойдута этэ. Сахалар инородец диэн быраап статустаахтара. «Сибиир инородецтарын салайар туһунан Устаап» быһыытынан 1822 с. Саха сирин уобалаһын сахаларын бэбииннэс биэрэр уонна бэйэни салайынар көс омуктарга киллэрэллэрэ.

Атастыылар, 1917 г.

Сахалар сүөһү иитиитинэн дьарыктаналлара уонна сүрүннээн кэтэх хаһаайыстыба суотугар олороллоро. Ааҕар-суруйар киһи олус аҕыйах этэ. Саха сирин уобалаһыгар бырамыысыланнас саҥа үөскээн эрэрэ. Оҕо төрөөһүнэ элбэҕин үрдүнэн олох-дьаһах усулуобуйата ыарахан буолан уонна балыыһа суоҕунан оҕо өлүүтэ олус элбэх этэ.

Саха сирэ 1917-1922 сс. Аптаныамыйаны олохтуур иһин туруулаһыы

Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн 1917 сыл олунньу 27 к. Саха сиригэр былаас уопсастыбаҕа куттал суох буолуутун Саха сиринээҕи кэмитиэтигэр (УКСБССК) көһөр. УКСБССК бэрэссэдээтэлинэн политсыылынай, меньшевик Г.О. Охнянскай ананар, Саха сирин уобалаһын управляющайынан политсыылынай, IV Госдума дьокутаата, бассабыык Г.И. Петровскай ананар. Саха интеллигеннэрэ В.В. Никифоров, С.А. Новгородов уонна да атыттар УКСБССК көхтөөх чилиэннэринэн буолаллар.

1917 сыл кулун тутар 26 күнүттэн муус устар 16 күнүгэр диэри Саха сирин уобалаһын сахаларын уонна нууччаларын I Сийиэстэрэ ыытыллар. Ити сийиэстэн М.К. Аммосов бэлитиичэскэй карьерата саҕаланар: 20-лээх эрэ Аммосов саха омук интэриэһин көмүскүүргэ аптаныамыйа көрүҥүнэн бэйэни быһаарынарга саха норуотун быраабын туһунан аан бастакынан тыл көтөҕөр.

П.А. Ойуунускай М.К. Аммосовка 1917 сыл балаҕан ыйын 21 күнүгэр Томскай куораттан ыыппыт суругар маннык диэн суруйар: «Омук култууратын сөргүтэргэ бэйэни быһаарыныыны уонна аптаныамыйаны билигин туруорсубат буоллахпытына аны хаһан туруорсуохпутуй?».

Саха сирин судаарыстыбаннаһа сэбиэскэй былаас кэмигэр, былааска бассабыыктар баартыйалара кэлбитин кэннэ биирдэ атаҕар турар.

1917 с. сэтинньи иккис күнүгэр Сэбиэскэй бырабыыталыстыба биир бастакы декретинэн «Арассыыйа норуоттарын быраабын декларациятын» ылынар. Декларациянан Арассыыйа норуоттарын биир тэҥ буолуулара уонна суверенитеттара, норуоттар көҥүл бэйэлэрин быһаарынарга бырааптара, омугунан-итэҕэлинэн үрдүктүк туттууну уонна хааччаҕы көтүрүү, кыра омуктар көҥүл сайдыылара көрүллэр.

Сэбиэскэй судаарыстыба аан маҥнайгыттан административнай – сирдээҕи-уоттааҕы уонна омук-судаарыстыба тускулунан тэриллибитэ. 1919 с. Башкирия АССР, 1920 с. – Татарстан АССР, 1921 с. – Горскай АССР, Дагестан АССР уонна Крым АССР тэриллэллэр. Ол курдук, Саха өрөспүүбүлүкэтэ тэриллэригэр РСФСР кэккэ национальнай омук өрөспүүбүлүкэлэрэ бааллара.

1919 с. Саха сиригэр сэбиэскэй былаас олохтоохтук ылыныллыбытын кэннэ Саха сирин Сэбиэскэй Арассыыйа састаабыгар анал туругун туһунан боппуруос турбута. Иркутскай к. 1920 с. кулун тутар 10 к. мунньахха саха омук интеллигенциятын бэрэстэбиитэллэрэ (Г.Г. Колесов, Г.В. Ксенофонтов уо.д.а.) «национальнай» уонна «култуурунай-национальнай» аптаныамыйа иһин тыл эппиттэрэ, сорохтор аптаныамыйаны утарбыттара.

Быраап анал туругун үрдэтэр, РСФСР састаабыгар Саха сирин аптаныамыйалаах национальнай өрөспүүбүлүкэтин тэрийии атын улахан омуктары кытта тэҥҥэ күрэстэһэр кыаҕы биэриэхтээҕэ. Онтон атын, холобур, А.Е. Кулаковскай сэрэппитин курдук, саха омук култууратын уонна омук быһыытынан бэйэни билиниитин сүтэрэр кутталлааҕа.

1920 сыл муус устар сүүрбэ күнүгэр, улахан аймалҕаны таһаарбыт Сибревком быһаарыытынан, Саха сирин уобаластааҕы анал туруга уурайбыта. М.К. Аммосов, И.Н. Барахов уонна П.А. Ойуунускай салалтатынан саха хомуньуустарын бөлөҕө Сибревком быһаарыытын көтүрэр уонна аптаныамыйалаах өрөспүүбүлүкэни төрүттүүр туһугар туруулаһан барбыттара.

Омскай к. 1920 с. муус устар 30 к. Аммосов телеграмматыгар маннык суруйар: «Уобалас олохтооҕун 95% сахалар, олохпут укулаатыгар олус элбэх уратылаахпыт… Сарбыйыы … сахаларга ыар санааны хаалларыаҕа … Сэбиэскэй былааска итэҕэли мөлтөтүөҕэ».

1920 с. атырдьах ыйын сүүрбэ биир күнүгэр Саха сирин уобалаһын урукку кыраныыссатынан губерния иһинэн бэйэтин көрүнэр уобалас быһыытынан оннунан хаалларар туһунан быһаарыы ылыныллыбыта.

Саха АССР тэрийэр туһунан боппуруос быһаарылларыгар 1921 с. кулун тутар 8–16 кк. ыытыллыбыт РКП(б) X сийиэһэ улахан сабыдыаллаах буолбута. Ити сийиэс үлэтигэр М.К. Аммосов, И.Н. Барахов, П.А. Ойуунускай кыттыбыттара. Дойду бэлиитикэтин араас көрүҥнэрин дьүүллэһиилээх РКП(б) сийиэһин биир үтүө түмүгүнэн «Дойду боппуруостарыгар баартыйа соруктарын туһунан» уурааҕы ылыныы буолбута.

П.А. Ойуунускай, баартыйа мунньаҕын быһаарыытыгар тирэҕирэн, 1921 сыллаахха муус устар 13 күнүгэр Новониколаевскайга буолан ааспыт Арассыыйа хоммуньуус баартыйатын (бассабыыктар) Киин кэмитиэтин Сибиирдээҕи бюротун (Сиббюро ЦК РКП(б)) мунньаҕар Саха АССР булгуччу тэриллиэхтээҕин туһунан дакылаатын билиһиннэрбитэ. Күүрүүлээх дьүүллээһии кэнниттэн Сибиирдээҕи өрөбөлүссүйүөннэй кэмитиэт (Сибревком) икки чилиэнэ өрөспүүбүлүкэҕэ аптаныамыйа быраабын биэриини өйүүллэрин биллэрбиттэрэ, икки чилиэнэ утарбыттара.

1921 сыллаахха ыам ыйын 16 күнүгэр Омуктар дьыалаларыгар норуот комиссариатын (НКН) кэллиэгийэтэ, Сибревком чилиэнэ А. Плич уонна С. Аржаков дакылааттарын истэн баран, Саха сирин аптаныамыйатын тэрийиини «сүнньүнэн өйүүрүн» биллэрбитэ. Ол түмүгэр Саха уобалаһын аптаныамыйалаах единица быһыытынан араарар уонна Саха сирин үлэһит дьонун съеһин ыҥырар туһунан быһаарыы ылыныллыбыта.

Саха сиригэр аптаныамыйалаах өрөспүүбүлүкэ анал туругун иҥэрии боппуруоһун дьүүллэһии балайда уустук усулуобуйаҕа ааспыта. Үгүс улуустааҕы уонна уокуруктааҕы ревкомнар съезтэрэ, үгүс мунньахтар, уобалас тэриллиилэрин съезтэрэ Саха сирин аптаныамыйатын тэрийиини утарар этилэр. Ол эрээри, 1921 сыллаахха бэс ыйын 21 күнүгэр аптаныамыйаны туруорсааччылар РКП(б) Саха губерниятын бюротун пленумугар, түөрт куолаһынан баһыйан, кыайыыны ситиспиттэрэ. 1921 сыллаахха алтынньы 3-9 күннэригэр буолан ааспыт Саха сирин ревкомнарын съеһэ эмиэ аптаныамыйалаах өрөспүүбүлүкэни тэрийиини өйүүрүн биллэрбитэ.

Маныаха, Саха сирэ хайдах быһыылаахтык аптаныамыйаланарын туһунан боппуруос дойду киинигэр улахан мөккүөрү үөскэппитэ. Саха губерниятыгар аптаныамыйалаах уобалас быраабын аныыр туһунан быһаарыыны Сибревком уонна Сиббюро хаста да ылынан турардаах. Ол иһин, 1922 сыллаахха тохсунньу 6 күнүгэр Бүтүн Арассыыйатааҕы Киин ситэриилээх кэмитиэт (ВЦИК), сибиирдээҕи былаас уонна НКН уураахтарыгар олоҕуран, Саха сирин чуолаан аптаныамыйалаах уобалас эрэ быһыытынан тэрийэр туһунан уурааҕы ылыммыта.

М.К. Аммосов ол быһаарыыны кытта сөбүлэспэккэ, Омуктар дьыалаларыгар норуот комиссара И.В. Сталины кытта сирэй көрсүһэри ситиспитэ. 1922 сыллаахха тохсунньу 17 күнүгэр буолан ааспыт көрсүһүүгэ И.В. Сталин М.К. Аммосов идеятын өйөөбүтэ, ол кэнниттэн аптаныамыйалаах Саха өрөспүүбүлүкэтин тэрийэр туһунан НКН кэллиэгийэтин уурааҕа тахсыбыта. Онон ол түмүктэммэтэҕэ. Саха сирин аптаныамыйатын боппуруоһа РКП(б) Киин кэмитиэтин Политбюротун мунньаҕын көрүүтүгэр көһөрүллүбүтэ. Онно Политбюро үс чилиэнэ аптаныамыйалаах өрөспүүбүлүкэни тэрийэр иһин санаатын эппитэ, үс чилиэнэ утарбыта. Онон сиэттэрэн Политбюро ити боппуруоһу көрөрүгэр уонна түмүктүүр быһаарыыны ылынарыгар анаан ВЦИК Президиумугар ыыппыта.

И.В. Сталин Карклиҥҥа суруга. Тохсунньу 13 күнэ 1922 г.

1922 сыллаахха олунньу 16 күнүгэр ВЦИК Саха Аптаныамыйалаах Социалистическай Сэбиэскэй Өрөспүүбүлүкэтин РСФСР сорҕотун быһыытынан тэрийэр туһунан уураах ылыммыта уонна Саха АССР кыраныыссатын, тускулун уонна балаһыанньатын боппуруостарын икки нэдиэлэ иһигэр бэлэмнииргэ уонна ВЦИК хамыыһыйатын састаабыгар Омуктар дьыалаларыгар наркомат, Ис дьыала наркоматын, Сири оҥоруу наркоматын, Сибревком бэрэстэбиитэллэрин киллэрэргэ сорудахтаабыта.

ВЦИК хамыыһыйатын састаабыгар киирбиттэрэ: хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ – Наркомнац кэллиэгийэтин чилиэнэ, Илиҥҥи дойдулары чинчийэр институт риэктэрэ М. Павлович, Сибревком чилиэнэ А. Плич, ВЦИК чилиэнэ М. Аммосов, ис дьыала уонна сири оҥоруу хамыыһыйатын чилиэннэрэ К. Озол, Г. Михайлов, Саха сирин ревкомун бэрэстэбиитэллэрэ Г.Г. Колесов, К.О. Гаврилов, Саха сирин бэрэстэбиитэлистибэтин үлэһитэ Н.А. Столыпин, хамыыһыйа сэкирэтээрэ С.А. Новгородов.

Улахан мөккүөр өрөспүүбүлүкэ соҕуруулуу-арҕааҥҥы уонна илиҥҥи кыраныыссаларын быһаарыы тула үөскээбитэ. Холобур, түөрт гыммыт үһүгэр нуучча дьоно-сэргэтэ олорор Витим өрүстэн Киренскэйгэ диэри сири-уоту (Ленскэйдээҕи-Витимнээҕи көмүс бырамыысыланнастаах оройуон) Иркутскай губерниятыгар биэрэр туһунан этии көрүллүбүтэ.

Хамыыһыйа үлэтин түмүгэр, 4 023 тыһ. кв. км. иэннээх Саха АССР сиригэр-уотугар өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи Саха уобалаһын сирэ-уота (Өлүөхүмэ уокуругун сорҕотун киллэрбэккэ, ол эрэн Охотскай уезд сирин-уотун киллэрэн туран), Иркутскай губерниятын Киренскэй уеһын хотугу өттүн уонна Енисей губерниятын Хатанга-Анаабыр оройуонун сыһыаран туран, киирбитэ.

Ону тэҥэ, хамыыһыйа Аптаныамыйалаах Саха Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтин туһунан ВЦИК Декретин – Саха өрөспүүбүлүкэтин туһунан Балаһыанньаны ырытан оҥорбута. Онно Федерация уонна Саха сирин аптаныамыйатын икки ардыларыгар сыһыаннаһыы сүрүн тускуллара чопчу ыйыллыбыттара.

Сэбиэттэри тэрийэр бастакы Бүтүн Саха сиринээҕи съөзд президиума. 1922 с. ахсынньыта — 1923 с. тохсунньута.

1922 сыллаахха муус устар 22 күнүгэр РКП(б) Саха губбюротун президиумун мунньаҕар Саха уобалаһын Аптаныамыйалаах Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэнэн билинэр туһунан Саха АССР ревкомун Манифеһа ылыныллыбыта. Өрөспүүбүлүкэ тэриллибитэ биллэриллибитинэн сибээстээн сэбиэскэй былаас өттүгэр көһөр уонна иллээх-эйэлээх олоххо, үлэҕэ-хамнаска төннөр санаалаах бастаанньаҕа кыттыһан хааллыбыт дьоҥҥо амнистия биллэриллибитэ.

1922 сыллаахха муус устар 27 күнүгэр РСФСР Киин ситэриилээх кэмитиэтин (ВЦИК) Президиума Саха АССР тэрийэр туһунан уураах ылыммыта. Ол састаабыгар Дьокуускай, Өлүөхүмэ, Бүлүү, Үөһээ Дьааҥы уонна Ленскэй уокуруктар киирбиттэрэ. Ол кэмҥэ нэһилиэнньэ ахсаана 299,5 тыһыынчаҕа тэҥнэһэр этэ.

ВЦИК уурааҕа ылыныллыаҕыттан эдэр өрөспүүбүлүкэ РСФСР сорҕото буоларын судаарыстыба-быраап өттүнэн чопчулааһын үлэтэ түмүктэммитэ.

1921–1922 сыллардаахха Саха сирин аптаныамыйатын туруорсуу Саха уобалаһын салалтатын ортотугар сытыырхайыылаах киирсии бара турар кэмигэр түбэспитэ. 1921 сыллаахха бэс ыйын ортотугар Саха сиринээҕи губбюро саҥа сэкирэтээрэ Г.И. Лебедев Москваттан кэлэн, кини салайар губбюротун президиумун диктатуратын олохтообута. Ол президиум састаабыгар Ревтрибунал бэрэссэдээтэлэ А.Г. Козлов уонна губчека бэрэссэдээтэлэ А.В. Агеев киирбиттэрэ.

Лебедев ультраөрөбөлүссүйүөннэй, Левацкай бэлиитикэтэ уопсастыбаны кылаастарынан арааран утарыта туруорууга олоҕурбута. Агеев чекистара бииртэн биир чахчыта суох «кистэлэҥ киксиилэри» арыйан, дьону кыыллыы сордуур буолбуттара. Саха сиригэр сир аайы олохтоохтортон аһы-үөлү тутуу саҕаламмыта. 1922 сыллаахха тохсунньу 2 күнүгэр Ревтрибунал бэрэссэдээтэлэ, уобалас сэбилэниилээх күүстэрин штабын салайааччыта А.Г. Козлов нэһилиэнньэлээх пууннарга бастаанньаһыттар кэлэр түбэлтэлэригэр «сэлиэнньэ бэһис олохтооҕун харыстаабакка» ытыалыырга бирикээстээбитэ. «Ити директиваны уонна бирикээһи толорооччулар сэлиэнньэлэргэ дьулаан дьыаланы оҥорбуттара», – диэн суруйбута М.К. Аммосов.

Баартыйа губерниятааҕы бюротун сэкирэтээрэ Лебедев оннук ыйыыны-кэрдиини биэрбитин таһынан, хоммуньуус сахалары «националистар» диэн олоҕо суох буруйдаабыта. «Балаһыанньа сытыырхайан эрэр. Үрүҥнэр бандьыыттааһыннарын олохтоох дьону-сэргэни барыларын кэриэтэ эстэхпитинэ эрэ кыайар кыахтаахпыт», — диэн 1922 сыл кулун тутар ыйыгар Лебедев кииҥҥэ телеграмма ыыппыта.

Лебедев уонна кини куомуннаахтарын итинник быһыылара Саха сиригэр гражданскай сэрии саҕаланарыгар, бастаанньа күүһүрэригэр төрүөт буолбута. 1922 сыллаахха олунньу 6 күнүттэн Дьокуускайы өстөөх төгүрүйбүтэ, Сэбиэскэй былаас Аммаҕа уонна Бүлүүгэ эрэ хаалбыта.

1922 сыл кулун тутар ыйыгар баартыйа салалтата уларыйыаҕыттан Саха сиригэр саҥа байыаннай-бэлитиичэскэй тутул олохтонон барбыта. Дьон-сэргэ кыһыл террор сабыдыалыттан босхоломмута, Сэбиэскэй былааһы утары турбат бары өрүттэри, кылаастары кытта сыһыан олохтоммута, сэбиэскэй тутулу тэрийиигэ саха интеллигенцията үлэлэһэн саҕалаабыта.

«Аптаныамыйалаах Саха сирин бэлиитикэтэ саха омугун култууратын чөлүгэр түһэриигэ күүс-көмө буолуоҕа. Аптаныамыйалаах Саха сирин тэрийиигэ, сайыннарыыга көхтөөхтүк уонна күүскэ ылсан үлэлээһин – Саха интеллигенциятын ытык иэһэ», — диэн М.К. Аммосов саха интеллигенциятыгар суругар суруйан турардаах.

Саха АССР 1922–1928 сылларга

Сэбиэттэр I Саха сиринээҕи Тэрийэр сийиэстэригэр (1922 сыл ахсынньы 27 күнэ – 1923 сыл тохсунньу 19 күнэ) бэйэтин састаабыгар 25 чилиэннээх уонна 9 хандьыдааттаах үрдүкү ситэриилээх уонна сокуон оҥорор уоргана – Саха АССР Киин ситэриилээх кэмитиэтэ (ЦИК) тэриллибитэ. Бэрэссэдээтэлинэн П.А. Слепцов талыллыбыта. Саха сиринээҕи Киин ситэриилээх кэмитиэт (ЯЦИК) Президиумугар М.К. Аммосов киирбитэ.

Бу сийиэс И.Н.Барахов салайааччылаах судаарыстыбаннай ситэриилээх уорганы – Саха АССР Бырабыыталыстыбатын – Народнай Комиссардар Сэбиэттэрин (СНК) тэрийэр. СНК састаабыгар норуот комиссариаттара (министиэристибэлэр), кэмитиэттэр уонна управлениелар киирбиттэрэ. Хонтуруоллуур уорганынан Рабочай-Крестьянскай Иниспиэксийэ (РКИ) анаммыта. Саха АССР судаарыстыбаннай тылын быһыытынан саха тыла билиниллибитэ.

РСФСР салалтата саҥа тэриллибит аптаныамыйаҕа улахан көмөнү оҥорбута. Бүтүн Арассыыйатааҕы Киин ситэриилээх кэмитиэт (ВЦИК) быһаарыытынан Саха сиригэр 200 тыһ. буут килиэп, уонунан тыһ. буут араас табаар, тыа хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэрэр кирэдьииккэ анаан 570 тыһ. солк., 5 тыһ. солк. суумалаах эмп-томп уонна хирургия инструменнара, 75 тыһ. солк. тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах массыыналар бэриллибиттэрэ. Ону таһынан Сэбиэскэй Арассыыйа салалтата ас-үөл түһээнин баһыйар чааһын олохтоох наадыйыыга туттарга көҥүлү биэрбитэ.

Үп-харчы, ас-үөл, атыы-эргиэн уонна бырамыысыланнас, почта уонна телеграф управлениетын, айан-сырыы, рабочай-крестьянскай иниспиэксийэ народнай комиссариаттара уонна ЯЦИК иһинэн бэлиитикэ салаата РСФСР тустаах народнай комиссариаттарын быһаччы бас бэриниилэригэр хаалбыттара.

Бары былааннанар соруктар САССР СНК нөҥүө ыытыллар этилэр. Народнай комиссардары уонна управление начаалынньыктарын Саха АССР Киин ситэриилээх кэмитиэтэ аныыра, онтон РСФСР Народнай комиссардарын сэбиэтэ бигэргэтэрэ. Бу судаарыстыбаннай былаас уорганнара Арассыыйа уонна Саха сирин судаарыстыбаннай уорганнарын кыттыгас дьаһайыыларыгар киирэллэрэ.

Саха АССР Бырабыыталыстыбата ис дьыала уонна сири таҥастааһын, юстиция, үөрэҕирии, доруобуйа харыстабылын уонна социальнай хааччыйыы народнай комиссариаттарын, итиэннэ ис атыы-эргиэн уонна бырамыысыланнас салааларын тутулуга суох салайара. Тас дойду дьыалалара, тас атыы-эргиэн, байыаннай дьыала РСФСР киин уорганнарын быһаччы салайыыларыгар хаалбыттара. Ол кэнниттэн 1922 сыл бүтүүтүгэр Сэбиэскэй социалистическай өрөспүүбүлүкэлэр сойуустара тэриллиэҕиттэн ССРС дьаһайыытыгар көспүттэрэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр РСФСР Бүтүн Арассыыйатааҕы Киин ситэриилээх кэмитиэтин Декретинэн бэриллибит үгүс боломуочуйалар 1927 сыллаахха диэри уларыйбакка сылдьыбыттара, онтон сыыйа аҕыйаан барбыттара.

Ынах сүөһү уонна сылгы ахсаанынан, туораахтаах культура ыһыллар сирин иэнинэн көрдөрүүлэр сэрии иннинээҕи таһымы 1925 сыл бүтүүтэ номнуо ситиспиттэрэ. Профессор Г.Г. Колесов бэлиэтээбитинэн, 1928 сыллаахха, холбоһуктааһын маассабайдык киириэн иннинэ, өрөспүүбүлүкэҕэ ынах сүөһү ахсаана – 600 тыһ. төбөҕө, сылгы – 300 тыһ. тахса төбөҕө тэҥнэспит.

САССР 1923–1928 сылларга култуура инники сайдыытыгар анаан чиҥ олук ууруллубута. Ол курдук, оскуола үөрэҕин тиһигэ, библиотекалар, ааҕар балаҕаннар, доруобуйа харыстабылын учреждениелара тэриллибиттэрэ. Орто идэлээх үөрэххэ каадырдары бэлэмниир үлэ тэриллибитэ, Саха сирин ыччата киин үөрэх кыһаларыгар үөрэнэр кыахтаммыта.

1925 сыллаахха М.К. Аммосов көҕүлээһининэн Саха сирин оҥорон таһаарар кыаҕын чинчийэр сыаллаах ССРС наукаларын Академиятын кэлим экспедицията бэйэтин үлэтин саҕалаабыта. Бу экспедиция 1930 сылга диэри үлэлээбитэ. Бу оҥоһуллубут үлэ түмүгэ САССР 1930 сылтан 1991 сылга диэри кэмҥэ олох-дьаһах-экэниэмикэ өттүнэн сайдыытыгар научнай тирэх буолбута.

Итиэннэ, САССР тэриллибитин да кэнниттэн ситэ быһаарыллыбатах кыһалҕа үгүс этэ: былаас чорбох биир кииннэниитэ, салайар тиһиккэ РКП(б) Сибиир кыраайдааҕы кэмитиэтин курдук туһата суох, арыт буолар звенолар элбэхтэрэ.

Сэбиэскэй былааһы Саха сиригэр олохтооччулар. Москва, 1925 с.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымҥа киининэн бэриллибит үгүс боломуочуйа, үп-харчы тиийбэтиттэн, олоххо киирэр кыаҕа суох этэ. Итинэн сибээстээн Саха АССР салалтата көмүһү хостуур бырамыысыланнастан ананар үбү ылыыга быраап туһунан боппуруоһу хаста да төхтүрүйэн туруорсубута. 1926 сыллаахха САССР СНК бэрэссэдээтэлэ М.К,Аммосов, көмүһү хостуур бырамыысыланнас сайдыытыгар Саха сирэ киллэрэр кылаатын аахсан туран, «Алданзолото» сойуустаах холбоһук хостуур көмүһүн 5 %-на өрөспүүбүлүкэҕэ бэриллэрин туһунан этии киллэрбитэ.

Чуолаан эттэххэ, 1923 сыллаахха Алдаҥҥа В.П. Бертин геологическай экспедициятын САССР Народнай комиссардарын Сэбиэтэ тэрийбитэ. Экспедиция Незаметный үрэх аттыгар бөдөҥ көмүс баайдаах сири арыйбыта. Ол кэннэ Алдаҥҥа көмүһү хостооччулар үксээн барбыттара. 1925 сылга Алдан көмүстээх сирдэригэр көмүһү хостооччу ахсаана 13 тыһ. киһиэхэ тиийбитэ.

Итини сэргэ САССР СНК Саха сиринээҕи көмүһү хостуур трастовай хампаанньаны тэрийбитэ. Кэлин бу тэрилтэ аата уларыйан «Алданзолототрест» буолбута, онтон 1935 сыллаахха «Союззолототрест» диэн сойуус суолталаах трест буола улааппыта. Алданнааҕы көмүһү хостуур бырамыысыланнас суолтатын туһунан, геолог Обручев, Алдаҥҥа 1923–1927 сыллардаахха 30 туонна көмүс хостоммутун туһунан эппитэ туоһулуур.

Инньэ гынан, түмүккэ манныгы бэлиэтиир тоҕоостоох:

  1. Саха АССР Гражданскай сэрии сытыырхайан бара турар кэмигэр саха бастакы чаҕылхай бассабыыктара М.К. Аммосов, С.М. Аржаков, И.Н. Барахов, П.А. Ойуунускай күүстээх туруорсууларынан, үгүс сыраларынан тэриллибитэ.
  2. САССР тэрийиигэ, улахан киирсиилээх мөккүөр түмүгүнэн, өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи Арассыыйа састаабыгар киирэр Саха уобалаһын сирин-уотун бүттүүнүн оннунан хаалларыы ситиһиллибитэ.
  3. Өссө 1922–1928 сылларга ууруллубут ис кыах биһиги өрөспүүбүлүкэбит 1928–1991 сылларга олох-дьаһах-экэниэмикэ өттүнэн сайдыытыгар бөҕө тирэх буолбута.
  4. Аптаныамыйалаах өрөспүүбүлүкэ анал туругун ылыы Саха сиригэр инники олох-дьаһах-экэниэмикэ өттүнэн сайдыытыгар модун көҕүлүүр күүһү уонна тыа хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэриигэ, бырамыысыланнаһы, олох-дьаһах эйгэтин, науканы, үөрэҕи, доруобуйа харыстабылын тэтимнээхтик сайыннарыыга кыаҕы биэрбитэ.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0