Өрөспүүбүлүкэ сыллааҕы бүддьүөтэ 2,7 млрд солкуобайынан эбилиннэ
СӨ Үп миниистирэ Валерий Жондоров этэринэн, өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн дохуоттаах чааһын 2019 сыллааҕы былаана 2,79 млрд солкуобайынан үрдээн, 203,8 млрд солкуобайга тэҥнэстэ. Социальнай эйгэҕэ ороскуот улааттаҕына, Саха сирин иэһэ бүддьүөт дохуотун кытта холоотоххо, 41% куоһарбат.
edersaas.ru
«Дохуоппут улааппытын, бастатан туран, социальнай эйгэҕэ ыытабыт», — диэтэ миниистир. Быйыл аҥаардас нолуоктан киирэр дохуот 817 мөлүйүөн солкуобай. Нолуоктан тутулуга суох дохуот кыччаан, 1,3 мөлүйүөн солкуобай.
2019 сылга федеральнай бүддьүөттэн кэлэр харчы эбиллэн, 1 млрд 980 мөлүйүөн солкуобай күүтүллэр. Үрдэтиллибит биэнсийэни төлүүргэ 1 млрд 289 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ.
Нэһилиэнньэ төлөбүрүн судаарыстыба кыччатан биэрэригэр ОДьКХ тэрилтэлэрин субсидиялыырга 2,5 млрд солкуобай бэриллиэҕэ. Босхо үөрэҕинэн хааччыйарга Үөрэхтээһин салаатын ороскуота 699 мөлүйүөн солкуобайынан улаатан биэрдэ. 1,7 млрд солкуобай өрөспүүбүлүкэ инвест-бырагырааматыгар көрүллэр. Ол туһунан СИА иһитиннэрэр.
Марианна ТЫРТЫКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru