Өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытын түмүктэрин уонна саҥа соруктары көрдүлэр
Олунньу 25 күнүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын мунньаҕар экэниэмикэ миниистирэ Майя Данилова ааспыт сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытын түмүктэрин уонна үүммүт сылга былааннаммыт соруктары билиһиннэрдэ.
edersaas.ru
Кини былырыын саҥа сыал-сорук туран, макроэкономическай көрдөрүү үрдүгүн, олохтоох оҥорон таһаарыы ВРП 5% улааппытын бэлиэтээтэ.
«Бүгүҥҥү мунньахха экэниэмикэҕэ баар кэккэ кыһалҕалары көрдүбүт. Холобур, бырамыысыланнас таҥастыыр салаатын көрдөрүүтэ 2018 сылга түһэн, 2,6% тиийдэ. Ас-үөл, маһы таҥастыыр салаа оҥорон таһаарыыта эмиэ намтыы турар. Онон манна болҕомто ууруллуон наада», — диэтэ миниистир Майя Данилова.
Ону сэргэ, бэрисидьиэн ыам ыйынааҕы ыйааҕар этиллибит национальнай бырайыактар олоххо киириэхтээхтэр. Дьиэ-уот, суол-иис тутуллуохтаах. Тыа хаһаайыстыбатыгар оҥорон таһаарыы 5% үрдүөхтээх. Ол туһунан СИА иһитиннэрэр.
Марианна ТЫРТЫКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1