Өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар биэс пууннаах ыйаах

Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев бу күннэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай-экономическай сайдыытын стратегическэй хайысхаларын туһунан саҥа ыйаах таһаарда.


Бу ыйааҕынан кини Саха сирин 2024 с. диэри сайдыытыгар биэс сыалы туруорда.
Бастакытынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ экэниэмикэ туһааннаах эйгэлэригэр бастыҥнар кэккэлэригэр киириэхтээх.
Иккиһинэн, 2019 с. саҕалаан сырьета суох экэниэмикэ хайысхатын тас дойдуга таһаарыыны 10 % үрдэтэргэ эттэ. Бу урбааны, инвестиционнай бырайыактары, цифровизацияны сайыннарыы түмүгэр ситиһиллиэхтээх.
Үсүһүнэн, экэниэмикэ эйгэлэрин технология өттүнэн сайыннарыы, үлэ көдьүүһүн үрдэтии барыахтаах.
Төрдүһүнэн, социальнай, инженернэй инфраструктура сайдыахтаах.
Бэсиһинэн, нэһилиэнньэ дохуоттаах буоларын туһугар урбаан, дьарыктаах буолуу сайдыахтаах.
Санатан эттэххэ, Айсен Николаев барыта биэс ыйааҕы таһаарыахтааҕа. Бу ыйааҕы уонна экологияҕа туһуламмыт ыйааҕы таһынан, өссө үрдүкү технологияҕа, тыа хаһаайыстыбатыгар, үөрэҕириигэ саҥа ыйаахтар тахсыахтара.

Аграфена КУЗЬМИНА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0