Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтэ Дьокуускайдааҕы индустриальнай-педагогическай кэллиэс мастарыскыайдарыгар үөрэнэр
В.М. Членов аатынан Дьокуускайдааҕы индустриальнай-педагогическай кэллиэскэ өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан 2020 сыллаахха “Үөрэх” национальнай бырайыак “Эдэр профессионаллар” федеральнай бырайыак иитинэн мастарыскыайдар аһыллыбыттара.
“Тырааныспары хааччыйыы уонна логистика” хайысханан биэс мастарыскыай үлэлиир: “кузов өрөмүөнэ”, “кыра массыыналары өрөмүөннээһин уонна хааччыйыы”, “массыынаны кырааскалааһын”, “таһаҕаһы тиэйэр тиэхиньикэни хаачыйыы”, “таһаҕы тиэйэр массыына суоппара”.
2020 сыллаахха үөрүүлээхтик аһыы тэрээһинин кэнниттэн эрэгийиэннээҕи уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы таһымнаах 35 тэрээһин ыытылынна, ол иһигэр “Эдэр профессионаллар” (WorldSkills Russia) эрэгийиэннээҕи аһаҕас чөмпүйэнээт, “Абилимпикс” доруобуйаларынан хааччахтаах дьон ортотугар идэҕэ маастарыстыба VII национальнай чөмпүйэнээт финала, орто анал үөрэх исписээлинэстэригэр үөрэнээччилэр идэҕэ маастарыстыбаларын өрөспүүбүлүкэтээҕи икки олимпиадата, Ворлдскиллс ыстандаартынан демонстрационнай эксээмэннэр, “Наука 0+” Бүтүн Арассыыйатааҕы бэстибээл.
Ону тэҥэ, кэллиэс былаһааккатын Намнааҕы тиэхиньикум устудьуоннарын Ворлдскиллс күрэхтэһиигэ бэлэмнииригэр уларсар. Мастарыскыай баазатыгар М.И. Кершенгольц аатынан Дьокуускай куораттааҕы 9-с нүөмэрдээх оскуола үөрэнээччилэрэ тиһигин быспакка үлэ уруогар үөрэнэллэр, өрөспүүбүлүкэ атын оскуолаларыгар экскурсиялар, аһаҕас уруоктар, үөрэх быраактыкалара, лабаратыарыйа-быраактыка дьарыктара, аһаҕас аан күннэрэ, уо.д.а. тэрээһиннэр буолаллар. Мастарыскыай баазатыгар ытыллар араас таһымнаах тэрээһининэн кэллиэс 1500-тэн тахса киһини хапта.
Тэрээһиннэри, куонкурустары таһынан мастарыскыайга нэһилиэнньэни В категорияҕа үөрэтэллэр, В категорияттан С категория суоппарыгар бэлэмнииллэр (переподготовка), ону тэҥэ массыынаны өрөмүөннүүллэр, кырааскалыыллар. Уопсайа, 888 киһи үөрэҕи ааста.
“Инникитин “Кузов өрөмүөнэ” мастарыскыайга демонстрационнай эксээмэни ыытарга аккредитацияны аа
һар былаан баар. Ону сэргэ анал идэҕэ үөрэтэр, эбии анал идэҕэ үөрэтэр бырагыраамалары, оҕолорорго уонна улахан дьоҥҥо аналлаах уопсай сайыннарар бырагыраамалар ахсааннарын эбэр итиэннэ оскуолалары, атын идэҕэ бэлэмниир үөрэх тэрилтэлэрин кытта ситимнээх бииргэ үлэлэһиини олоххо киллэрэр толкуйдаахпыт”, — диэн В.М. Членов аатынан Дьокуускайдааҕы индустриальнай-педагогическай кэллиэс дириэктэрэ Михаил Петров былааннарыттан үллэһиннэ.
Профессиональнай үөрэҕи сайыннарар институт пресс-сулууспата.