“Мисс Республика-2017” саҥа куонкурус күн сирин көрдө. Бу сонун сүүрээни Н.Г.Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай колледж, “Айылгы” ырыа-үҥкүү кэлэктиибэ, “Стимул” устудьуоннар саҕалааһыннарын сайыннарар киин олоххо киллэрдилэр. Куонкурус, аата да этэрин курдук, киэҥ хабааннаах буолла. Ол курдук, педколледжка өрөспүүбүлүкэ уон аҕыс улууһуттан үөрэнэ кэлбит оҕолортон биирдии кыыс кытынна. Тэрээһин сүрүн сыалынан араас улуустартан сылдьар оҕолору бииргэ түмүү буолар. Манна кыайбыт кыыс Бүлүүтээҕи педколледж чиэһин орто анал үөрэхтэр ортолоругар ыытыллар “Мисс и Мистер СПО РС(Я)” куонкуруска көмүскүүр. Бу күрэс кулун тутар ортотугар Дьокуускайга тэриллэр.
Вавара Попова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Кыргыттар бэйэни билиһиннэрии, сахалыы таҥас, ювелирнай киэргэллэри көрдөрүү, ыйытыыларга хоруйдааһын, мааны былаачыйанан тахсыы түһүмэхтэрин аастылар. Абый, Амма, Булуҥ, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Ньурба, Өлөөн, Сунтаар, Таатта, Уус Алдан, Усуйаана, Чурапчы, Эбээн-Бытантай, Орто Халыма Кэрэ Куоларыттан кыайыылааҕынан Ньурба кыыһа Валерия Платонова ааттанна. Киниэхэ дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан сахалыы үрүҥ көмүс кольены уонна ытарҕаны бэлэхтээтилэр. “I Вице-Мисс Республика” үрдүк аатын Бүлүү бэрэстэбиитэлэ Вероника Андреева, II Вице-Мисс аатын Амма кыыһа Вера Красина сүктүлэр.
Варвара Попова, edersaas.ru, “Саха сирэ” хаһыат.