Өрөспүүбүлүкэ иэһэ хонтуруолланар

Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай иэһэ бу сыл түмүгүнэн 45 млрд солк. буолуоҕун сабаҕалыыллар. Үп миниистирэ Валерий Жондоров бырабыыталыстыба мунньаҕар иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэ бэйэтэ киллэринэр дохуотун кытары тэҥнээтэххэ, бу сыыппара 39,3 % ылар.

Санатан эттэххэ, бүддьүөт кодексыгар сурулларынан, судаарыстыба бэйэтэ киллэринэр дохуотун кытары ылбыт иэһин тэҥнии туттахха, 50 % үөһэ тахсыа суохтаах. Холобур, бу сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ бэйэтэ киллэринэр дохуота 120 млрд солк. тэҥнэһэрэ былааннаммыт буоллаҕына, судаарыстыба иэһэ 60 млрд солк. тахсыа суохтаах. Билиҥҥи туругунан, Россия үрдүнэн 29 регион иэһин куттала суох кэрдиискэ тутан турар. Ол иһигэр Саха сирэ эмиэ.

Өрөспүүбүлүкэ былаанынан, регион бүддьүөт дефицитин 10 % диэри үүннэриэ суохтаах. 2016 с. тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, судаарыстыба бүддьүөтүн дефицитэ – 2,7 млрд солк. тэҥнэспит. Ол эбэтэр былааннаммыт барылтан 2,4 % араастаһар.

Оттон судаарыстыба иэһин ылан көрдөххө, сэтинньи 1 күнүнээҕи туругунан, 43,9 млрд солк. иэстээх олоробут. “Өрөспүүбүлүкэ иэһэ куттала суох кэрдиискэ (38,7 %) сылдьар эрээри, ыйыллыбыт кэрдиискэ (быйыл иэс 42 % үрдүө суохтаах диэн былаанннаммыта) чугаһыыр кутталлаах. Билигин хонтуруолга тута сылдьабыт”, — диэн бэлиэтиир миниистир Валерий Жондоров.

Манна даҕатан эттэхэ, Татарстан  судаарыстыбаннай иэһэ алтынньы 1 күнүнээҕи чахчынан икки төгүл элбэх — 95,1 млрд солк. Саамай элбэх иэстээхтэр кэккэлэригэр Москва, Московскай уобалас, Краснодарскай уонна Красноярскай кыраайдар бааллар. Бастакы кыбаартал түмүгүнэн регионнар иэстэрэ-күүстэрэ хайдаҕын «Известия» хаһыат инфографикатыттан көр.

774914f018912b567525e74884ccaf86

ИНФОГРАФИКА: Известия

Автор: Редакция JustMedia © JustMedia

Сарсын Ил Түмэн сессиятыгар дьокутааттар кэлэр сыллааҕы бүддьүөт сокуонун барылын бастакы ааҕыытын көрүөхтэрэ. Ону сэргэ үп сүрүн сокуонун 2018-2019 сс. былаанын ырытыахтара.

Аграфена КУЗЬМИНА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0