Өрөспүүбүлүкэ идэлээх сойуустарын батсаап-сибээһэ үлэлээтэ

Бөлөххө киир:

СӨ Идэлээх сойуустарын федерациятыгар батсаап-сибээс олохтонон, өрөспүүбүлүкэ  олохтоохторо федерация бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтяревка  ыйытыыларгытын биэриэххитин  сөп.

Батсааптаах төлөпүөн нүөмэрэ:  8914-286-00-36. Манна исписэлиистэр тута ыйытыыларга хоруйдуохтара. Холобур, үлэ быраабын кэһии, хамнас төлөбүрүн, үлэ харыстабылын туһунан араас боппуруостары ыйытан сүбэлэттэриэххитин сөп.

Федерация пресс-сулууспата: «Элбэх ыйытыы баар буолуохтаах. Онон батсаапка киирбит ыйытыыларга суһаллык эппиэттииргэ дьулуһуохпут. Боппуруостары нууччалыы уонна сахалыы тылларынан ылабыт», — диэн эбэн эттилэр.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0