Өрөспүүбүлүкэ иһигэр таксофонтан стационарнай төлөпүөҥҥэ аны босхо эрийэн кэпсэтиэхпит

29.01.2019
Бөлөххө киир:

«Ростелеком» хампаанньа бэрэсидьиэнэ Михаил Осеевскай дьаһалынан, таксофонтан стационарнай төлөпүөннэргэ биир зона иһигэр эрийэн кэпсэтии аны буор босхо буолуоҕа.

edersaas.ru

Хампаанньа бас билиитигэр күн бүгүн дойду араас муннуктарыгар 148 тыһыынча универсальнай таксофон баар.

«Биһиги тэрилтэбит сибээс өҥөтүнэн наадалаах киһи барыта туһаннын диэн маннык хардыы оҥордо. Ол курдук, таксофоннай карта атыыласпакка, атын куоракка, улууска аймахтаргытыгар, дьоҥҥутугар, табаарыстаргытыгар, эбэтэр балыыһаҕа босхо эрийэн кэпсэтиэххитин сөп», — диэн эттэ «Ростелеком» хампаанньа бэрэсидьиэнэ Михаил Осеевскай.

Онон ыраах тыа сиригэр таксофоннар социальнай суолталанан, дьон наадатын төлөпүөнүнэн төһө баҕарар босхо кэпсэтэр кыахтаныаҕа.

Оттон Арассыыйа атын куораттарыгар уонна суотабай төлөпүөҥҥэ эрийии уруккутун курдук төлөбүрдээх диэн чуолкайдаатылар. Ол аата таксофонтан стационарнай төлөпүөҥҥэ эрэ эрийэн кэпсэтии босхо буолуоҕа.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0