Соторутааҕыта Саха сиригэр Идэни урутаан бэлэмниир киин тэриллибитэ. Бу өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтигэр тутаах, олохтоох дьон идэтин сөпкө таларыгар көмөлөһөр аналлаах улахан эппиэтинэстээх тэрилтэ соругун, үлэтин хайысхатын туһунан дириэктэр Майя Курневаны кытта сэһэргэстибит.
Саҥа тэрилтэ
— Майя Васильевна, ааҕааччыларга тэрилтэҕит, соруккут туһунан билиһиннэрэ түһэриҥ буоллар.
— Идэни урутаан бэлэмниир кииннэр Арассыыйаҕа былырыыҥҥыттан дойду аҕа баһылыга Владимир Путин көҕүлээбит “Үөрэх” национальнай бырайыагын “Эдэр профессионаллар” эрэгийиэннээҕи бырайыагын иитинэн тэриллэн эрэллэр. Идэни урутаан бэлэмнээһин саҥа көрүҥүн бэлэмниэхтээхпит. Билиҥҥитэ дойду үрдүнэн 29 киин баар, 2024 сылга 100 маннык тэрилтэ тэриллиэхтээх. Күн бүгүн Саха сиринээҕи кииҥҥэ 33 киһи үлэлиир. Психологтар, координатордар, аналитиктар бааллар.
Үс хайысханан үлэлиибит. Бастакытынан, 6-с кылаас үөрэнээччилэриттэн саҕалаан, биэнсийэҕэ тахсыан иннинээҕи саастаах дьоҥҥо тиийэ профориентационнай үлэни ыытабыт. Иккиһинэн, кылгас болдьохтоох бырагыраама. Улахан дьону алта ыйга диэри кылгас болдьоххо үөрэтэбит. Үһүс, улахан суолталаах хайысхабыт – үлэ ырыынагын ырытан, кэтээн көрүү. Биһиги инникитин манна миэстэтигэр, эрэгийиэн экэниэмикэтигэр ханнык идэлэр ирдэниэхтэрин эрдэттэн көрүөхтээхпит. Холобура, сотору Жатайдааҕы судоверфка, Өлүөнэ муостатын тутуутугар исписэлиистэр наада буолуохтара. Биһиги ону эрдэттэн көрөн, номнуо оҕолору чопчу инвестиционнай бырайыактарга бэлэмнээһини саҕалыахтаахпыт. Итини таһынан, креативнай экэниэмикэҕэ оҕолор бастакы идэлэрин баһылыылларыгар бу хайысхаҕа эмиэ үлэлэһэбит.
— Үлэҕит хайысхатын ким сүрүннүүрүй?
— Бары федеральнай чахчыларынан сирдэтинэбит. Сотору саҥа платформа үлэлиэхтээх. Манна даҕатан эттэххэ, тустаах платформаны Саха сирин олохтоохторо оҥороллор (куонкуруска кыайбыттара). Бу платформаҕа олоҕуран анаалыс ыытыахпыт.
Уһук Илин уокуругун сирдьитэ
— “Кэлэр кэм идэлэрин атлаһа” диэн баар дии. Атлаһынан сирдэтиниэххэ сөп дуо?
— “Кэлэр кэм идэлэрин атлаһа” быһа холоон маннык идэлэр баар буолуохтара диэн саба быраҕан көрдөрөр. Чопчу маннык буолуо диир уустук. Итини таһынан, Уһук Илин уокуругун сирдьитэ (Навигатор Дальнего Востока) баар. Манна биһиги субъекпытыгар ирдэнэр компетенциялар ыйыллаллар. Саха сиригэр эмиэ маныаха ханыылыы сирдьити оҥорор былааннаахпыт.
— Оччотугар 10-20 сылынан чопчу маннык идэлэр ирдэниэхтэрэ диэн этэр кыаллар дуо?
— Билигин кыаллыбат дии саныыбын. Үлэ ырыынага олус түргэнник уларыйан эрэр. Мин өйдүүрбүнэн, буҕаалтыр идэтэ сүтүө диэбиттэрэ биэс сыл буолла да, күн бүгүн үлэлии олороллор. Онон чопчу этэр кыаллыбат. Ол да буоллар, ордук биотехнологическай хайысха сайдыаҕа диэн сабаҕалыахха сөп.
“Баҕалаах маска ыттар”
— Аҕыйах сыллааҕыта юрист, экэнэмиис олус элбэх дииллэр этэ. Ол гынан баран, билигин даҕаны ити идэлэргэ үөрэххэ туттарсарга куонкурус үрдүк. Үлэ булаллар дуу, булбаттар дуу?
— Идэ суолтата арыый уларыйан эрэр. Өскөтүн, киһи чахчы үлэлииргэ бэлэм, үөрэнэр баҕалаах (мотивациялаах) түгэнигэр ханна баҕарар үлэлиэн сөп. Холобура, мин бастакы идэбинэн геологпын. АЛРОСА-ҕа үс сыл үлэлээн баран хайа салаатын экэниэмикэтигэр аспирантураҕа киирбитим. Түмүгэр үөрэх эйгэтигэр кэлэн хааллым. Эмиэ ити курдук, юристар дуу, экэнэмиистэр дуу үлэ булбаттар диэн быһа этэр табыллыбат. Киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах. Үүнүөн-сайдыан, үлэлиэн баҕарар киһиэхэ үлэ көстөр.
— Оччотугар маннык идэлэр сүтүөхтэрэ диэн этэр кыаллыбат…
— Баҕар, араас сыаһыарыылар киэҥник үөдүйбүт, экэниэмикэ цифровой технологияҕа олоҕурбут сайдыылаах дойдуларыгар өтө көрүөххэ сөп буолуо. Саха сиригэр чопчу бачча сылынан маннык идэлэр сүтүөхтэрэ диэн этэр кыаллыбат.
Саха сиригэр үлэ ырыынага уларыйара бытаан эрээри, кэннибит диэки хайыһан көрдөххө, урут өссө бытаан этэ – түөрт бырамыысыланнай өрөбөлүүссүйэни (“паровой двигатель”, “электричество”…) ааспыппыт. Билигин АйТи бырамыысыланнаһа түргэн тэтимнээхтик киирэн, дьиҥэр, ол төһө түргэнин этэр даҕаны уустук. Биллэн турар, дьон технологияҕа үөрэнэригэр кэм-кэрдии ирдэнэр. Ол да буоллар, биһиэхэ, номнуо аан дойду ырыынагар күөн күрэстэһэр кыахтаах АйТи хампаанньалар бааллар.
— АйТи өрөспүүбүлүкэҕэ олус түргэн тэтиминэн сайдан, үөрэх тэрилтэлэригэр бүддьүөттэн балачча элбэх миэстэни көрөн эрэллэр. Үөрэхтэрин бүтэрдэхтэринэ бары үлэ булуохтара дуо, диэн боппуруос дьиксиннэрэр.
— Сыыйа сыыппараҕа көһөн эрэбит. Пандемия итини өссө төгүл итэҕэттэ. Оннооҕор үөрэх кылгас кэм иһигэр онлайҥҥа көстө. Маҥнай утаа кыаллыбат, уустук диир эбит буоллахтарына, пандемия киирэн күһэйдэ, педагогтар сыыппараҕа сыһыннылар. Атын эйгэлэр, тэрилтэлэр эмиэ өйдөөн, аны биэс-хас сылынан тэйиччиттэн үлэҕэ ылсыахтара дии саныыбын.
АйТи хайысхата муҥура суох. Бу оҕолор кэллиэстэргэ, университеттарга хара маҥнайгыттан бэркэ баһылаатахтарына аан дойду барыта арыллар. Саха сиригэр олорон дойду ханнык баҕарар муннугар үлэлиэхтэрин сөп. Онон салгыы сайдарга, үлэлииргэ кыах баар.
Быраактыка көрдөрөрүнэн, биһиги хампаанньаларбыт бэйэлэрэ дьарыктаахтарын таһынан, номнуо өрөспүүбүлүкэҕэ нолуок киллэрэллэр, үлэ миэстэтинэн хааччыйаллар. Эдэр дьон бэйэлэрэ сыһыарыы оҥорууттан саҕалаан, Индрайвер, Майтона курдук бөдөҥ хампаанньаларга тэҥнэһэ сатыахтаахтар.
Оҕолору кытта үлэ
— Тас дойдуга олорор дьон бэйэҕит чааһынай тэрилтэтэ тэриниҥ диэн сүбэлииллэр. Оҕо бу хайысхаҕа эрдэттэн сыстаҕас буола улаатарыгар үлэ барар дуу?
— СӨ Урбааҥҥа министиэристибэтэ итинэн дьарыктанар. Оҕо бэйэтэ дьарыктаах буолуутун билиһиннэрэр аналлаах куурустары ыыталлар.
Биһиги “сыыппара хаапыдыратын” тэрийиэхтээхпит. Бу урукку байыаннай бэлэмнэниигэ, хаапыдыраҕа ханыылыы. Хас биирдии оҕо цифровой уонна финансовай кырааматынас кууруһун ааһыахтаах. Манна кини харчыны сөпкө туттартан саҕалаан, бэйэ дьыалатын тэрийиигэ тиийэ билсиэхтээх. Hard skills уонна Soft skills диэн баар. Hard skills үрдүк үөрэххэ чопчу фундаментальнай билиини иҥэрэр. Soft skills дьону кытта кэпсэтэргэ-ипcэтэргэ, атыылыырга уһуйар. Бу билиини оҕо оскуолаҕа, устудьуоннуур сылларыгар иҥэриниэхтээх.
— Оскуолаларга профориентационнай үлэлэри ыытаҕыт дуу?
— Үлэбитин пандемия иннинэ эрэ саҕалаабыппыт. Холобура, билигин бырайыактаахпыт. Оҕолорго ханнык идэлэр баалларын, ханнык идэлэри баһылыыр ордугун билиһиннэрэр соруктаах. “ЦОПП Якутия” диэн Ютубка ханааллаахпыт. Профориентациянан уонтан тахса сыл дьарыктанар, салаа салайааччыта Валентина Лукина сүрүннүүр. Бу ханаалга биһиги оҕолорго уонна төрөппүттэргэ анаан идэни таларга туһалаах эпиирдэри тэрийэбит, үлэ-үөрэх эйгэтигэр туох уларыйыы буоларын туһунан кэпсиибит. Оҕо идэтин сөпкө таларыгар бэйэбит мэтиэдикэбитин инникитин учууталлары, психологтары кытта үллэстиэхпитин баҕарабыт.
Идэбин хайдах сөпкө талабын?
— Майя Васильевна, оҕо идэтин сөпкө таларыгар тугу сүбэлиэҥ этэй.
— Оҕо кимтэн даҕаны (уопсастыбаттан, төрөппүттэртэн) тутулуга суох идэтин бэйэтэ талара ордук. Тоҕо диэтэххэ, идэ туһунан кэпсиирбит арыый сыыһа. Биһиги, бастатан туран, талан ылбыт идэтигэр эппиэтинэстээх личноһы иитэн таһаарыахтаахпыт. Сыыһа талбыт буоллаҕына, онтун өйдөөн, кэмигэр уларытар кыахтаах киһини бэлэмниэхтээхпит. Үлэтин сөбүлүүр киһи ыйааһын оҥостубат, ис дууһатыттан баҕаран, санаатын барытын ууран туран үлэлиир, төлөнөр хобби кэриэтэ буолар. Онон оҕо сүрэҕэ талаһар дьарыгын булан салгыы сайдыахтаах.
Кыайан быһаарыммакка сылдьар оҕолор биһиэхэ кэлиэхтэрин сөп. Биһиги эбии үөрэхтээһин тэрилтэтэ буоларбыт быһыытынан, сөптөөх куурустары талан биэрэбит, сүбэлиибит-амалыыбыт.
Оҕолор эрэ буолбакка, идэлэрин хайысхатын уларытыан, үрдэтиэн, атын идэни баһылыан баҕарар улахан дьон эмиэ кэлиэхтэрин сөп. Биһиги ханна үөрэниэхтэрин сөбүн ыйан-кэрдэн биэрэбит. Ылбыт дипломнарынан ханна баҕарар үлэлиир кыахтаахтар.
— Тэрийэр дьаһалларгыт туһунан хантан билиэххэ сөбүй?
— Биһиги кииммит тэрээһиннэрин copp14.ru диэн саайтан уонна @copp_ykt инстаграмтан билиэххэ сөп.
Ити курдук, аҕыйах ыйтан бэттэх Идэни урутаан бэлэмниир киин тэриллэн, быйыл сайын абитуриеннарга, оскуола оҕолоругар босхо, төлөбүрдээх бэрт туһалаах араас онлайн тэрээһиннэри ыытта.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru