Өрөспүүбүлүкэҕэ сүрэх-тымыр ыарыыларыттан өлүү уопсай ахсаана бастакы миэстэҕэ турар

Ааптар: 
05.06.2021
Бөлөххө киир:
Өрөспүүбүлүкэҕэ сүрэх-тымыр ыарыыларыттан өлүү уопсай ахсаана бастакы миэстэҕэ турар. Ол курдук, 2018 сыллаахха аахпыттарынан, өлүү ахсаана сүрэх-тымыр ыарыыларыттан — 45,1%, искэнтэн – 17,8, эчэйииттэн, оһолтон – 15,6%, атын биричиинэлэртэн — 21% буолар эбит.

Иллэрээ сылтан  “2019-2024 сс. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сүрэх-тымыр ыарыыларын утары охсуһуу” эрэгийиэннээҕи бырагыраама ылыллан, үлэлиир. Бу бырагыраамаҕа ырытан көрбүттэринэн, сүрэх-тымыр ыарыыларыттан өлүү уопсай ахсаанын ыллахха, маннык ыарыылартан дьон өлөр эбит: сүрэх ишемическэй ыарыыта (44,4%), ол иһигэр миокард инфаркта (14,6%) уонна цереброваскулярнай ыарыылар (19,3%), ол иһигэр инсуллар (53,6%), хаан баттааһынын үрдээһинэ (4,5%), сүрэх үлэтин мөлтөөһүнэ (сердечная недостаточность) (3,9%), сүрэх тохтооһуна (0,5%). 2014-2018 сылларга сүрэх-тымыр ыарыыларыттан өлүү ахсаана намтаабыт – 100 тыһыынча киһиэхэ 406,3 түбэлтэттэн 354-кэ диэри. Ол эрээри, гипертоническай ыарыыттан (үрдүк дабылыанньаттан) өлүү 2 төгүл элбээбит – 100 тыһыынча киһиэхэ 7,5 түбэлтэттэн 15,8-ка диэри.

 edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0