Өрөспүүбүлүкэҕэ үс баһаар умуруорулунна

Бөлөххө киир:

Бүгүн, ыам ыйын 23 күнүн, сарсыарда 8 чаастааҕы туругунан, Амма улууһугар ойуур баһаара тахсыбыта бэлиэтэммитэ. Баһарыы умуруорууга ойуур хаһаайыстыбатын уонна парашютнай-десатнай сулууспа 42 үлэһитэ үлэлии сылдьар.

Саха сиринээҕи биир кэлим диспетчерскэй сулууспата иһитиннэрбитинэн, баһаар уопсай иэнэ 25 гектар сиргэ тэҥнэһэр, Сулҕаччыттан 14 килэмиэтир.

Ааспыт сууккаҕа ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ Уус Маайаҕа, Чурапчыга, Намҥа тахсыбыт кыра баһаардары умуруордулар. Санатан эттэххэ, бу кэмҥэ диэри өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 107,8 га сиргэ 15 баһаар тахсыбыта бэлиэтэммит. Ол иһигэр 72,8 га ойуурга. Былырыын баччаларга 66 ойуур баһаара тахсыбыта, уот ылбыт сирэ 12206,5 гектар сиргэ тэҥнсэпитэ.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0