Өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэх хаамыытын туһунан иһитиннэрии

Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 18 күнүнээҕи туругунан, СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин чахчыларынан, Саха сиригэр 793 оскуола иннинээҕи үөрэх тэрилтэтэ олоҕурбут көрүҥүнэн (очно) үлэлиир.

ОРВИ-нан ыалдьааччы ахсаана элбээн Бүлүү улууһун Хампа сэлиэнньэтин «Кэскил» оҕо саада сабылынна.

Быстах кэмҥэ 8 уһуйаан 10 бөлөҕүн үлэтэ тохтоото (Дьокуускайга – 4, Чурапчыга – 4, Аммаҕа– 2).

Өрөспүүбүлүкэ 323 оскуолата олоҕурбут көрүҥүнэн (очно), 130 – очно-заочно, 188 — ыраахтан олорон (дистанционно) үлэлиир.
Маны таһынан быстах кэмҥэ икки оскуолаҕа икки кылаас сабылынна.

Эбии үөрэхтээһин салаатыгар 35 тэрилтэ олоҕурбут, «смешаннай» көрүҥүнэн   – 54, дистанционнай ньыманан – 93 тэрилтэ үлэлиир.

Орто анал үөрэх 15 тэрилтэтэ ыраахтан олорон (дистанционно), 26 тэрилтэ «смешаннай» уонна биир үөрэх тэрилтэтэ олоҕурбут ньыманан үлэлииллэр.

СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин пресс-сулууспата
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0