Өрөспүүбүлүкэҕэ икки ойуур баһаара бэлиэтэннэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн, бэс ыйын 4 күнүн 8 чаастааҕы туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ икки ойуур баһаара — Өлүөхүмэ уонна Ленскэй оройуоннарыгар баара бэлиэтэннэ. Бу туһунан СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Өлүөхүмэҕэ уот Чапаево сэлиэнньэттэн 8,3 км тэйиччилээх сиргэ күөдьүйбүт. Уопсай иэнэ — 0,5 га. Манна ойуур харыстабылын сэттэ үлэһитэ уонна ЫБММ түөрт үлэһитэ умуруора сылдьаллар, икки тиэхиньикэ баар.

Ленскэйгэ хонтуруолланар зуонаҕа ойуур баһаара күөдьүйбүтэ хас даҕаны хонно. Уот 33 га иэннээх сири ылла. Нэһилиэнньэлээх пууҥҥа кутталы үөскэппэт.

Сиринэн уонна салгынынан күннэтэ кэтээн көрөллөр. Өймөкөөн Томторугар Ан-2 сөмөлүөт тиийдэ. Манна ойуур харыстабылын авиационнай баазата олохтонно.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0