Өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу туруга хайдаҕый?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ханнык улуустарга буруйу оҥоруу элбээбитий, ханна аҕыйаабытый? Буруй ханнык көрүҥнэрэ ордук баһыйалларый? Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспатын иһитиннэриититтэн билиэххит.

edersaas.ru

Бу сыл бастакы түөрт ыйыгар өрөспүүбүлүкэҕэ 4228 буруйу оҥоруу чахчыта бэлиэтэммит.

Маныаха кэккэ улуустарга — Булуҥҥа, Дьааҥыга, Горнайга, Өймөкөөҥҥө, Өлүөхүмэҕэ уонна Дьокуускай куоракка — буруйу оҥоруу элбээбит.

Оттон 15 улууска аҕыйаабыт, ордук чуолаан, — Усуйаанаҕа, Уус Алдаҥҥа, Эдьигээҥҥэ, Орто Халымаҕа, Эбээн Бытантайга, Тааттаҕа, Кэбээйигэ, Абыйга уо.д.а.

Ураты ыар буруйдар тахсыбатахтар — Аллайыахаҕа, Анаабырга, Үөһээ Бүлүүгэ, Дьааҥыга, Үөһээ Халымаҕа, Эдьигээҥҥэ, Муомаҕа, Сунтаарга, Орто Халымаҕа, Томпоҕо, Уус Алдаҥҥа, Уус Маайаҕа уонна Эбээн Бытантайга.

Ыар буруй ахсаана элбээбит — 832.

Буоларын курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ оҥоһуллар буруйдар аҥаардара киһи үбүн-харчытын, баайын-малын апчарыйыыга сыһыаннаахтар — 1982: 1196 уоруу, 107 халааһын, 15 талааһын, 14 түүрэйдээн ылыы уонна 451 түөкүннээһин. Санаан көрүҥ, хас сыыппара кэннигэр — эмсэҕэлээбит киһи.

Экономическай буруйдар ааспыт сыл түөрт ыйын кытта тэҥнээтэххэ, 52,7 %-нан элбээбиттэр – 220-тэн 336-ҕа диэри.

Буруй бу көрүҥэ элбээбит — Дьокуускайга, Өлүөхүмэҕэ, Алдаҥҥа, Бүлүүгэ, Дьааҥыга, Томпоҕо, Намҥа, Ньурбаҕа, Өймөкөөҥҥө, Булуҥҥа.

Бу ыйыллар кэмҥэ хоруупсуйаҕа сыһыаннаах 72  буруй булуллубутуттан, ордук элбэх — Дьокуускайга, Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ, Намҥа.

Суолга куттал суох буолуу эйгэтигэр тахсыбыт буруйдарга 263-тэн 236-ҕа диэри аччааһын бэлиэтэнэр.

Итирэн баран, массыынаны ыыта сылдьыы түмүгэр, 1357 буруйу оҥоруу тахсыбыт. Ордук элбэх — Нерюнгрига, Алдаҥҥа, Сунтаарга уонна Томпоҕо.

Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго туһуланан, 260 буруй оҥоһуллубут.

Дьахтар буруйу оҥоруута элбии турар — 347-тэн 383-кэ диэри.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0