Өрөспүүбүлүкэҕэ биир ойуур баһаара бэлиэтэннэ

Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 24 күнүн, сарсыарда  08.00 чаастааҕы туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ  11 га иэннээх биир ойуур баһаара Чурапчы улууһугар бэлиэтэннэ. Уот Мындаҕаайыттан  11,8 км  сиргэ баар. Уот утары охсуһууга ойуур харыстабылын  10 үлэһитэ үлэлиир. 

Ааспыт сууккаҕа Амма улууһугар уопсайа  27 га иэннээх биир баһаар умуруорулунна.

Бүгүҥҥү туругунан Авиалесоохрана үлэһиттэрэ Бүлүү умнаһын, киин уонна илин эҥээр улуустарынан  авиапатруллааһын  ыыталлар.

Ойуур баһаарын көрдөххүтүнэ эрэгийиэннээҕи диспетчер сулууспатыгар эрийэн биллэриҥ: 8 4112 44 74 76

edersaas.ru 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0