Өрөспүүбүлүкэҕэ баһаар туруга хайдаҕый?

Бөлөххө киир:

Быһа биэриигэ Ил Дархан Айсен Николаевтан өрөспүүбүлүкэ сирин-уотун, айылҕатын туһунан ыйыталастылар.

Өрөспүүбүлүкэҕэ баһаардар балаһыанньаларын токкоолостулар.

— Ыам ыйын 29 күнүнээҕи туругунан,  уоту утары билигин Уус Алдан, Эдьигээн уонна Уус Майа  улуустарынар үлэ ыытылла турар. Онтон атын улуустарга баһаар тарҕаныыта кэмигэр тохтотуллубута.  Суһал сонуннары СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин официальнай саайтыгар күннэтэ сырдаталлар, — диэн иһитиннэрдэ Ил Дархан.

«Орто Дойду» зоопарка хаһан аһыллыаҕын туһунан ыйытыыга:

—Коронавирус дьаҥа тарҕамматын туһуттан зоопарка билигин сабыллан турар. Ол эрээри, социальнай ситим нөҥүө зоопарка анал сирэйигэр кыыллар, көтөрдөр олохторун-дьаһахтарын киирэн көрүөххүтүн сөп, — диэтэ.

Ульяна Захарова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0