Өрөспүүбүлүкэҕэ ас-таҥас саппааһа баар

06.04.2020
Бөлөххө киир:

Муус устар 4 күнүгэр  “Саха”   НКИХ   ханаалыгар  Ил  Дархан  Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ ас-таҥас  саппааһа баарын туһунан кэпсээбитэ.

—Ас-үөл  боппуруоһугар аан дойду үрдүнэн аймалҕан тахса сылдьыбыта. Биһиэхэ бастаан эмиэ дьон айманыыта,  куттаныыта  тахсан испитэ.  Онтон  буола турар быһыыны-майгыны нэһилиэнньэ  сөпкө өйдөөн,   уолуйуу тахсыбата. Өрөпсүүбүлүкэҕэ ас-үөл саппааһа баар. Суол-иис сабылларынан,  сыл аайы кууһунан атыылыыр тэрилтэлэр  бары эрдэттэн табаардарынан  хааччыналлар. Онон  ас-үөл тиийбэт буолар  куттала  биһиэхэ  билигин суох. Дьон элбэҕи да атыыластаҕына,  утары  таһааран иһэр кыахтаахпыт.  Дьокуускай куоракка биир сылтан хас да ыйга тиийэр  бородуукта саппааһа ас араас көрүҥүнэн  баар. Бу үрдүнэн күн аайы  бородууктаны, табаары тиэйэн аҕала турабыт. Атыыга соҕотох  тиийбэт табаардарынан  мэдиссиинискэй  мааска, анал  көстүүмнэр уонна  тыҥаны вентиляциялыыр  аппарат буолаллар.  Бу аан дойду үрдүнэн тиийбэт маллар. Билигин аан дойду үрдүнэн 50- 60 мөлүйүөн мааска оҥоһуллар да, холобура, Франция эрэ 30 мөлүйүөн  маасканы күннэтэ  туттар. Арассыыйаҕа күннэтэ балтараа мөлүйүөн мааска оҥоһуллар, онтон  хас  биирдии  балыыһа  күннэтэ  7 мөлүйүөн маасканы туһанар.  Онон дойдуга баар мааска саппааһа  барыта балыыһаларга бара турар.  Маннык ыксаллааах кэмҥэ мэдисиинискэй мааскалары тигэн атыылыыр урбаанньыттарга, биирдиилээн дьоҥҥо махтанабын.  Ону таһынан, доҕордуу дойдулар көмөлөрө эмиэ баар. Кытайы  кытта сыһыаммыт үчүгэй буолан, бу күн өрөспүүбүлүкэҕэ 20 тыһыынча мааска, хас да сүүс анал көстүүм кэллэ. Бу ыарыы Кытайга күүскэ тарҕанар кэмигэр биһиги Кытай   Хэйлунцзян    провинциятыгар эмиэ 20 тыһыынча мааска ыытан,  Кытай дойдутун салалтатын аатыттан хас да махтал сурук туппуппут.  Билигин өссө 5 мөлүйүөн мааска Кытай өрөспүүбүлүкэтиттэн көмө быһыытынан кэлэрин күүтэбит.  Онон атын дойдулары кытта доҕордуу сыһыан   үтүө өрүттээх буолара көһүннэ.

Ньургуйаана Иванова, “Саха сирэ”  хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0