Өрөспүүбүлүкэҕэ 9 сиринэн ойуур баһаара бара турар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сирин сиригэр-уотугар барыта 9 ойуур баһаара бара турар. Баһаар Мэҥэ Хаҥаласка, Ньурбаҕа, Хаҥаласка, Уус Алдаҥҥа, Уус Майаҕа, Чурапчыга, Үөһээ Бүлүүгэ уонна Дьокуускайга баар. Мантан үһэ бохсулунна диэн СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Уот ылбыт сирэ 95,30 гаҕа тэҥнэстэ. Уоту умуруорууга 63 парашютист уонна баһаарынай десантник, 56 ойуур харыстабылын үлэһитэ, 63 олохтоох киһи уонна 19 тиэхиньикэ үлэлии сылдьаллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0