Саха сиригэр 69 ойуур баһаарын умулларыыга үлэ ыытыллар, 11 бохсулунна.
СӨ Экология министиэристибэтин иһитиннэриитинэн, 36 595,2 га иэннээх сиргэ 69 ойуур баһаарын умуллараллар. Ойуур баһаардара Аммаҕа-1, Горнайга-4, Намҥа-1, Ньурбаҕа-7, Сунтаарга-8, Үөһээ Бүлүүгэ-7, Бүлүүгэ-4, Мииринэйгэ-6, Кэбээйигэ-3, Ленскэйгэ-2, Томпоҕо-1, Өлүөхүмэҕэ-8, Өймөкөөҥҥө-2, Уус-Маайаҕа-5, Хаҥаласка-8, Мэҥэ Хаҥаласка-2 бэлиэтэнэллэр.
Итинтэн 13 946,6 га иэннээх сиргэ 10 ойуур баһаара бохсуллубут. Бу Нам (1), Үөһээ Бүлүү (1), Ньурба (1), Мэҥэ Хаҥалас (1), Сунтаар (1), Өлүөхүмэ (2), Хаҥалас (2), Мииринэй (1) оройуоннарыгар.
Уоту умулларыга 1 957 киһи, 192 көлө үлэлиир. Ааспыт хонукка 1162,7 га сири хаппыт 11 уоту умулларбыттар.
«Хонук саҕаланыаҕыттан көрүллэр зонаҕа 38 ойуур баһаара булулунна (2 726,1 иэннээх сир) . Уоту умулларыыга үлэ ыытыллар. Өрөспүүбүлүкэ улахан чааһыгар, арктическай сири-уоту киллэрэн туран, куйаас күннэр тураллар. Сорох сирдэринэн кураанах этиҥнээх. Бэҕэһээ Ньурба оройуонугар ойуур баһаарын умулларыыга РФ ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин Бе-200 сөмөлүөтэ үлэлээтэ. «Авиалесоохрана» ФБУ үлэһиттэрэ Уус Маайа, Сунтаар, Хаҥалас, Ньурба, Кэбээйи уонна Үөһээ Бүлүү оройуоннарыгар уоту умуруорууга үлэлииллэр. Билиҥҥи туругунан нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна экэниэмикэ эбийиэктэригэр куттал суоһаабат» , — диэн СӨ Экология министиэристибэтин ойуур харыстабылыгар департаменын салайар Владимир Иванов иһитиннэрдэ.
Бэс ыйын 23 күнүгэр Ил Дархан ойуур баһаардарыттан ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимин олохтуур туһунан ыйаахха илии баттаабыта.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1