Өрөспүүбүлүкэҕэ 687 га иэннээх сир умайар

Бөлөххө киир:

Экология министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, бэс ыйын 20 күнүнээҕи туругунан  өрөспүүбүлүкэҕэ 687 га иэннээх  ойуур баһаара баара бэлиэтэннэ.

edersaas.ru

Дьааҥы улууһугар 47 га сир умайар, оттон Өлүөхүмэҕэ уопсайа 87 га иэннээх сиргэ икки ойуур баһаара турбут. Уус Алдаҥҥа  160 га, Уус Маайаҕа 36 га, Тааттаҕа 1,5 га сир умайар. Дьааҥы улууһугар икки уонна Дьокуускайга биир ойуур баһаара бохсулунна.

Ойуур баһаардарын умулларыыга уопсайа 336 киһи, 26 тиэхиньикэ үлэлиир.

Саха сирин олохтоохторо, ойуурга баһаартан сэрэхтээх буолуҥ. Баһаар тахсыбытын көрдөххүтүнэ, тута Эрэгийиэннээҕи диспетчердэр сулууспаларыгар  8-4112-44-74-76 нүөмэринэн, эбэтэр ойуур харыстабылын быһа нүөмэригэр 8-800-100-94-00 эрийэн биллэриҥ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0